Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтин олохтоохторо муҥхалаан, үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттарын туһунан иһитиннэрдилэр. Кинилэр Сыырдаах диэн эбэҕэ балыктаабыттар, уопсайа балтараа сүүс киһи сылдьыбыт.
— Нэһилиэкпит олохтоохторун сүүс бырыһыан балыгынан хааччыйдыбыт. Инбэлииттэргэ, кырдьаҕастарга, аҥаардас дьоҥҥо түҥэттибит. Майаҕа олорор биир дойдулаахтарбытын күндүлээтибит. Бу муҥханы Иннокентий Иннокентьевич Корякин салайда, киниэхэ махтанабыт, — диир нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Римма Попова.
Хаартыска: Р.Попова ыытта.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…