Бэчээт күнүн көрсө куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр

Share

Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун Саха сиринээҕи салаата Бэчээт күнүгэр аналлаах сылын аайы ыытыллар куонкурус түмүгүн таһаарда.

  • “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэни “Якутия” хаһыат суруналыыһа Ирина Романова ылла.
  • Тэлэбиидиэнньэ суруналыыстарыгар аналлаах “Кыһыл көмүс микрофон” бириэмийэ хаһаайынынан “Саха” НКИХ ыытааччыта Тамара Игнатьева буолла.
  • “Сыл дебюта” ааты “Колымская правда”хаһыат эдэр кэрэспэдьиэнэ Татьяна Вельвина ылла.
  • “Сыл бастыҥ интэриниэт таһаарыыта” бириэмийэни “Якутское-Саха информационное агентство” ылла.
  • “Сыл бастыҥ таһаарыыта” аат “Кыым” хаһыакка иҥэрилиннэ.
  • “Сыл бастыҥ таһаарыыта” аат улуустааҕы хаһыаттар ортолоругар “Индустрия Севера” (Нерюнгри) бэрилиннэ.
  • “Көдьүүстээх суруйуу” ааты “Олох суола” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Изольда Загитова (Бүлүү) ылла.
  • “Бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн” Вера Канаева (Таатта) ааттанна.
  • “Сыл бастыҥ телеоператора” аат Гаврил Дьячковка иҥэрилиннэ.
  • “Сыл бастыҥ телебырайыага” бириэмийэ “Россия-Саха” ГТРК-тан Анна Ярыгинаҕа туттарылынна.
  • “Суруналыыс силиэстийэтэ” бириэмийэ лауреатынан “Якутия” хаһыат ырытааччыта Алексей Рудых буолла.
  • Анал байыаннай дьайыыны сырдатыы иһин тустаах бириэмиэйэнэн байыаннай кэрэспэдьиэннэр бөлөҕө наҕараадаланна: Александр Хавренко, «Саха» НКИХ, Николай Бястинов, «Саха» НКИХ,  Александр Тарасов, «РИИХ Сахамедиа» АУо, Евгений Петров, «РИИХ Сахамедиа» АУо, Денис Попов, «РИИХ Сахамедиа» АУо.

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит!

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр «Госуслуги.Дом» мобильнай сыһыарыынан 48 тыһ. тахса киһи туһанар

Саха сиригэр «Госуслуги.Дом» мобильнай сыһыарыы туһанааччытын ахсаана 48 тыһыынчаттан тахса киһи буолла. Бу туһунан ОДьКХ уонна…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Олунньу 1 күнүгэр диэри биир кэлим эксээмэни туттарааччылар сайабылыанньаларын биэриэхтээхтэр

Быйыл биир кэлим эксээмэни туттарааччылар олунньу 1 күнүгэр диэри сайабалыанньаларын биэриэхтээхтэрин туһунан Үөрэҕи, билими кэтээн…

20 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга оптуобус суоппара көҥүлэ быһылынна

Дьокуускай куорат борокуратууратын ирдэбилинэн 57 саастаах эр киһи холуобунай дьыалатыгар суут судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө.  Кини алҕас киһини…

35 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырыгар “Тулаайах оҕо” испэктээги туруоруохтара

Үүммүт 2025 сылга Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Якутия” хампаанньа рейстэригэр 50 бырыһыаннаах чэпчэтиинэн төһө оҕо туһанна?

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа 2-12 саастаах оҕолорго 50 бырыһыан чэпчэтиилээх билиэти биэриини…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылайыы туругуттан хайдах тахсабыт?

Таһырдьа тахсааты кытта тохсунньу тумана “кууһа” түһэр, эбиитин күнэ суох буолан эппит-сииммит утуйуон, сынньаныан баҕарар,…

2 часа ago