Албан аат искибиэрэ — Бээдигэ

Share

Үүнүүлээх өҥ дьылга тыһыынчанан туонна оту биэрэр көнө-налыы ходуһалаах, кус-хаас түһэн аһаан ааһар күөллэрдээх эбэбит барахсан ситэн силигилээн турар кэмэ.
Уус Алдан улууһугар Бээдигэ икки үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Үлэ, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр аналлаах Албан аат искибиэрин үөрүүлээх аһыллыыта уонна үрүҥ илгэ ыһыаҕа буолла. Түгэнинэн туһанан, аҕа көлүөнэ дьоммут үлэлээн ааспыт кэмнэрин аҕыйах тылынан ахтан-санаан ааһар тоҕоостоох. Ааспыт үйэ бастакы аҥарыгар биһиги дьоммут алаастарынан тарҕанан олорбут буоллахтарына, оччолорго модун күүстээх сэбиэскэй сойуус коммунистическай баартыйатын дьаһалыгар сөп түбэһэн, бөһүөлэктэргэ түмсэн барбыттара. Колхуостар, сопхуостар тэриллибиттэрэ. Бээди эмиэ оннук төрүттэммитэ. Өлгөм үүнүүлээх уонна киэҥ нэлэмэн көнө хонуулаах буолан,  от үлэтигэр аналлаах саҥа оҥоһуллубут тиэхиньикэни үлэлэтэн боруобалыыллара.

И.Сивцев-Бээди хаартыскаҕа түһэриитэ

Сэттэ уонус сылларга ЭВМ диэн оту мээккэлиир агрегаты үлэлэппиттэрэ. Онтон сотору, 80-с сылларга үрдүк үүнүүнү биэрэр оту үүннэрэн боруобалыыр научнай чинчийэр үлэни ыыппыттара. Итини көҕүлээн биһиги бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев оччолорго тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ бэйэтинэн кэлэн үлэ хаамыытын билсэн барара. Итиннэ барытыгар бөһүөлэк олохтоохторо бары көхтөөх кыттыыны ылаллара. Уруккуттан кылгастык аҕыннахха итинник.
Бээдигэ бэтэрээннэрбитин чиэстээн оҥоһуллубут Албан аат исеибиэрин бырайыагын сылы сыллаан чочуйан, силигин ситэрэн тиһэҕэр тиэрдибит А.И.Ховровка олохтоохтор махталлара улахан. Оттон харчытын олохтоох көҕүлээһини өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама куонкуруһугар кыайаннар ылбыттар уонна онно эбии бөһүөлэк олохтоохторо бары кыттыһан муспут үптэрэ буолар.

И.Сивцев-Бээди хаартыскаҕа түһэриитэ

Искибиэри арыйыы үөрүүлээх тэрээһинигэр улуус баһылыга А.В.Федотов олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Ол үөрүүлээх түгэҥҥэ тааска үйэтитиллибит хаан уруу дьоннорбут сырдык мөссүөннэрэ харахпытыгар бу баардыы элэҥнээн ааспыта буолуо диэн эрэллээхтик этэбин. Аны, бу кэнниттэн салгыы бөһүөлэк олохтоохторо бука бары эбэбит илин баһыгар баар ыһыахтыыр сирбитигэр үрүҥ тунах ыһыаҕын ыстылар.

И.Сивцев-Бээди хаартыскаҕа түһэриитэ

Таас билиитэлэргэ олорон хаалбыт үтүө үлэһит дьоммут сырдык мөссүөннэрэ үйэлэргэ умнуллубат өйдөбүл буолан сырдыгынан сыдьаайа туруохтара.

Иван Сивцев — Бээди.

Хаартыскаларга ааптар түһэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

17 часов ago