Бээдигэ бэртээхэй күрэхтэһии

Share

Биһиги, бээдилэр, төһө даҕаны киинтэн тэйиччи сытар кыра бөһүөлэк буолбуппут иһин, олох бары салаатыгар: үлэ, успуорт, култуура, ускуустуба эйгэтигэр инники күөҥҥэ сылдьабыт. Олоҕу, сайдыыны кытары тэҥҥэ хардыылыыбыт.

Онно дьону көҕүлүүр, сатаан салайар, тустаах үлэлэригэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар салайааччылар бааллара кырата суох оруоллаах. Биир оннук киһинэн СӨ култууратын туйгуна, Бээди култуура, сынньалаҥ киинин дириэктэринэн уһуннук уонна  таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар Матрена Захаровна Бочкарева буолар.

Матрена Захаровна нэһилиэктэрин сонунуттан сырдатта:

Олунньу 24-25 күннэригэр Дүпсүн нэһилиэгин Бээди бөһүөлэгэр «Куруку» кубогар СахаВАбол күрэхтэһиитэ ыытылынна. Олохтоох спортивнай түмсүү быһаарыытынан, быйыл СахаВАбол диэн көрүҥү ыытарга былааннаан, барыта 8 хамаанда кэлэн күрэхтэстэ. Бу иннинэ чугас нэһилиэктэр икки ардыларыгар 10 сыл устата классическай волейбол ыытыллыбыта. Күрэхтэһиини Бээдитээҕи «Куруку» КСК кэлэктиибэ иилээн-саҕалаан ыытар. Икки күннээх күрэхтэһии бэртээхэйдик барда. Түмүккэ:
1 м. Чараҥ хамаандата ылан 10000 солк. сэртипикээтинэн наҕараадаланна, бирииһи Дүпсүн нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Сивцев Н.Н) олохтоото. Иккис бириистээх миэстэҕэ Дүпсүн спортсменнара таҕыстылар, 6500 солк. суумалаах бирииһи Дүпсүн нэһилиэгин дьокутааттара олохтоотулар. Үһүс бириистээх миэстэни найахылар ыллылар, 5000 солк. бирииһи «Куруку» КСК кэлэктиибэ (Бочкарева М.З.) олохтоото. 4 миэстэҕэ Өнөр, 5 м. Бээди, 6 м. Майаҕас, 7 м. Тулуна, 8 м. Чэриктэй таҕыстылар.

Күрэхтэһии бастыҥнарыгар анал ааттар туттарылыннылар. Ол курдук, «Турнир бастыҥ оонньооччутунан» Маргарита Алексеева буолан (Дүпсүн) Бурнашевтар аймах олохтообут бириистэрин тутта. Степан Бурцев (Чараҥ, I Хоро) Алексеевтар аймах олохтообут бириистэринэн наҕараадаланна. «Бастыҥ быһааччы» аатын Парасковья Говорова (Чараҥ, I Хоро) ылан Дүпсүннээҕи «Дүөндү» СК кэлэктиибин (дириэктэр Стручкова А.А.) бирииһин ылла. Андрей Атласовка  (Найахы) З.З.Бочкарев олохтообут бирииһэ туттарылынна. «Бастыҥ көмүскээччинэн» Анжелика Гоголева (Найахы) ааттанан, Бээдитээҕи «Туллукчаан» оҕо саадын (сэбиэдиссэй Ушницкая П.П.) бирииһигэр тигистэ. Гаврил Кудриҥҥа (Дүпсүн) Бээди сүрүн оскуолатын (дир. Жиркова М.Н.) бирииһэ туттарылынна. «Бастыҥ оонньотооччунан» Марина Сивцева (Чараҥ, IХоро) буолан Сыроватскайдар аймах бириистэрин ылла. Петрусь Осиповка (Дүпсүн) Кудрин Г.Г. бирииһэ бэрилиннэ. «Бастыҥ бэтэрээн оонньооччу» Марфа Сивцева (Дүпсүн) Павлов Н.Н. олохтообут бирииһин тутта. Мария Хабароваҕа (Чараҥ, I Хоро) Ушницкайдар аймах бириистэрэ бэрилиннэ. «Эдэр кэскиллээх оонньооччу» — Диана Бурцева (Чараҥ, I Хоро) Бочкарева К.З. бирииһин ылла. Гаврил Домотов (Бээди, Дүпсүн) Сивцев А.П. бирииһэ туттарылынна. «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин» ылбыт Уйгулаана Андрееваҕа (Найахы) — Алексеева А.А. бирииһэ, Игнат Ивановка (Бээди, Дүпсүн) — ОДьКХ (сал.Ушницкай А.В.) кэлэктиибин бирииһэ, Дүпсүн нэһилиэгин волейболга федерациятын анал бирииһэ — Боря Гребенщиковка (Бээди, Дүпсүн) — Стручкова А.А., Бочкарева М.З. олохтообут бириистэрэ туттарылынылар.

Тэрийээччилэр ааттарыттан бары кыттыбыт хамаандаларга, күрэхтэһии спонсордарыгар, «Дүөндү» СК кэлэктиибигэр, Алексеев Ю.П., Павлов Н.Н., күрэхтэһии кылаабынай судьуйатыгар Сивцев А.П. уонна тэрээһини ылбаҕай ырыанан киэргэппит Айаал Вырдылиҥҥа махтанабыт. Кэлэн күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар «ыалдьыбыт» көрөөччүлэргэ барҕа махтал! Баҕарабыт эһиэхэ туйгун доруобуйаны, үрдүктэн үрдүк ситиһиини, табыллыыны!

Хаартыскалар М.Бочкарева тиксэриилэрэ

Олохтоох Бээди хамаандата бэһис миэстэ буолла. Аҕыс хамаандаттан бэһис миэстэ буолуу, саҥа састаабынан оонньуур эдэр дьоҥҥо куһаҕана суох. Ситиһии эмискэччи кэлбэт. Үчүгэйдик тэриннэхтэринэ, бэлэмнэннэхтэринэ кыайыы көтөллөнүөхтэрэ турдаҕа.
Дойдум дьонугар өссө да ситиһиилэри баҕаран туран сонуммун түмүктүүбүн.

Иван Сивцев — Бээди

Хаартыскалар Матрена Бочкарева тиксэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

11 часов ago