Бээдигэ — кубалар. Кэрэ көстүү!
Уус Алдан улууһугар Бээдигэ кубалары дьон-сэргэ кэрэхсии, сэргии көрбүттэрин туһунан дойдубуттан атаһым Василий Гоголев иһитиннэрдэ.
Улахан, киэҥ, тыһыынчанан гектар оттонор ходуһалаах эбэбит диэн харыстаан ааттыыр алааспыт элбэх күөллэриттэн биирдэригэр кэрэ бэйэлээх кубалар түспүттэр. Хаартыскаҕа көрдөххө уонтан тахса куба сылдьар. Сайылыыр, төрүүр-ууһуур сирдэригэр баран иһэн, аара астаах буолуо диэбит сирдэригэр түһэннэр күүс, сэниэ ылан бараллар эбит.
Көрдөххө кырасыабай, маҥан дьүһүннээх аарыма улахан көтөрдөр буолан баран, суостара-суодаллара сүрдээх. Ордук оҕолоругар чугаһыыр кутталлаах. Аарыма улахан көтөр 2 миэтэрэни аһарар кынаттарынан даллаҥнаан кэллэҕинэ, куотаргар эрэ тиийэҕин.
Ол гынан баран, дьон-сэргэ куба үчүгэйгэ көстөр дииллэр эбит. Онон бээдилэр үчүгэйи, үтүөнү эрэнэ кэтэһэбит.
Иван Сивцев — Бээди
Хаартыска Василий Гоголев тиксэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: