Салгыы
Бээдигэ — саҥа искибиэр

Бээдигэ — саҥа искибиэр

Ааптар:
12.12.2022, 11:23
Бөлөххө киир:

Уус Алдан Дүпсүн нэһилиэгин Бээди бөһүөлэгэ Сэбиэскэй кэм саҕана 300-тэн тахса нэһилиэнньэлээх, 500-кэ ынах сүөһүлээх, оччотооҕу Дүпсүн сопхуос биир тутаах отделениета этэ.

Үүнүүлээх дьылга 1000-тан тахса туоннаны биэрэр Эбэ диэн харысхал ааттаах оччотооҕу былаас ыытар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар политикатыгар олоҕуран, араас экспериментальнай былаһааккалар эмиэ бу алааска бааллара. Ол курдук, сүөһү аһылыгын дэлэтэр сыаллаах Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр института курааны билиммэт элбэх сыллаах оту үүннэрэр опытнай учаастагы үлэлэппитэ. Онно суолта биэрэн, оччолорго тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн олорон М.Е.Николаев кэлэн көрөн, билсэн барара.

Үлэҕэ бастыҥ көрдөрүүлээх удьуор үлэһиттэр манна бааллара. Олор тустарынан кинигэ оҥоһуллан тахсыбыта. Дьэ ол дьоннор удьуордара, ыччаттара атыттарга үтүө холобуру көрдөрөн бэтэрээн үлэһиттэрин чиэстээн, бөһүөлэк көстүүлээх сиригэр искибиэр туттулар. Билигин олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар сыаллаах араас хайысхалаах үлэлэр ыытыллаллар, болҕомтоҕо ылыллаллар.

Эрэгийиэннэр дьаһалталара бу хайысхаҕа олохтоох бүддьүөттэн үп көрөн нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар сыаллаах үлэни ыыталлар. Искибиэр үбүлээһинэ олохтоох нэһилиэнньэ судаарыстыба бүддьүөтүн кытта кыттыгас үптэрэ буолар. Судаарыстыба бырагырааматынан салайтаран куонкуруска кыайаннар, искибиэр тутулларын ситистилэр. Саҕалааһын, идиэйэ хаһан баҕарар нэһилиэктэн тахсыахтаах. Искибиэр тутуутугар Бээдиттэн төрүттээх дьон бука бары кыттыстыбыт. Анал хамыыһыйа үлэлээтэ. Манна кими да чорботон бэлиэтиир кыаллыбат. Тоҕо диэтэххэ, олохтоох дьон бары, «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн норуот муударай этиитинэн салайтаран, аҕа саастаах дьоннорун үйэтитэргэ туруннулар. Аны саас кыайыы күнүгэр бэтэрээннэрин саҥа искибиэргэ чиэстиир былааннаахтар.

 Иван Сивцев-Бээди

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: