Салгыы
Бээдилэр түмсүүлээхтэрин көрдөрөллөр

Бээдилэр түмсүүлээхтэрин көрдөрөллөр

Ааптар:
08.10.2024, 09:00
Василий Гоголев хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһугар Бээдигэ бу күннэргэ көмөҕө наадыйар, соҕотоҕун олорор кырдьаҕастарыгар туохха наадыйалларынан көрөн көмө оҥордулар.

Бу туһунан бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим Василий Петрович Гоголев иһитиннэрэр. Бу атаһым бөһүөлэккэ элбэх оҕолоох убаастанар ыаллар ахсааннарыгар киирсэр. Кэргэнэ Дуня бөһүөлэккэ баар «Алгыс» диэн түмсүүнү сатабыллаахтык салайар буолан, иккис сылын талыллан үлэлии сылдьар. Кинилэр көмөлөрө диэн баһаам элбэх эбит.

Ол курдук, көннөрү иһит сууйуутуттан саҕалаан, тыаттан оттукка анаан кураанах маһыгар тиийэ ким туохха наадыйарын барытын тута оҥорон, көмөлөһөн иһэллэрэ хайҕалы ылбыт. Холобур, Дмитрий Иванович диэн кырдьаҕас махтала улахан. Киниэхэ анаан тыаттан тыраахтарынан оттук мас киллэрбиттэр уонна тута хайытан, саһааннаан кэбиспиттэр. Оттон Дмитрий Дмитриевич Максимовка дьиэтигэр тиийэннэр иһитин-хомуоһун, дьиэтин-уотун барытын сууйан-тараан кэбиспиттэр. Дмитрий барахсан үөрүүтүттэн мүчүҥнүү эрэ сылдьыбыт.

«Манна барытыгар күүс-көмө буолбут дьоммутугар махталбыт улахан. Көмөлөөтөххө тугу барытын кыайыахха сөп. Дүпсүн дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы И.И.Федоров уматык, сэлээркэ биэрэн улахан өйөбүлү оҥордо. Онон махталбыт муҥура суох. Маны сэргэ, Н.И.Лугиновка, Н.Н.Павловка, У.Н.Павловаҕа уонна бары бииргэ үлэлэспит, өйөөбүт дьоммутугар түмсүүбүт аатытттан махталбытын биллэрэбит. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу ааттаммыт дьоммут бары бэйэлэрин тус тиэхиньикэлэринэн көмөлөстүлэр», — диир түмсүү салайааччыта Евдокия Захаровна.

Бээдилэр өрүү да буоларын курдук, түмсүүлээхтэрин көрдөрөллөр.

Иван Сивцев — Бээди

Василий Гоголев хаартыскалара.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: