Бээди сонуннара
Бээдиттэн сонуннар быыстала суох субуллан кэлэллэр.
Бу сырыыга кинилэр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык киэһэтигэр бөһүөлэккэ олорор бэтэрээн пенсионердарын хайдах чиэстээбиттэрин кэпсээтилэр. Маны сэргэ, Ороһуоспанан ыҥырыылаах ыалдьыт буоланнар, Бээдиттэн 6о км тэйиччи баар Тумулга баран көрү-нары көҕүлүттэн тутан кэлбиттэрин сырдаттылар.
Манна барытыгар бөһүөлэк дьонун көмөтө улахан суолталаах. Кэлэргэ-барарга барытыгар массыына баар буолан улахан былааннарбытын кэмигэр быһаарабыт. Онон тылбытын быһа гыммакка биһигини куруук таһар массыыналаах доҕотторбутугар барыларыгар барҕа махтал буолуохтун. Маныаха тэҥҥэ сылдьар, сүүрэн-көтөн көмөлөһөр «Куруку» КСК дириэктэрэ, СӨ култууратын туйгуна Бочкарева Мотрена Захаровнаны киэн тутта ааттыыбыт. Түгэнинэн туһанан бэлиэтээтэххэ, бөһүөлэк олохтоохторун түмэн, кыайтарбаты даҕаны кыайаллар.
Бээди «Алгыс» диэн бэтэрээннэр түмсүүлэрин актива, ону тэҥэ «Куруку» КСК кэлэктиибэ Бээди аҕам саастаахтарын, биэнсийэлээхтэрин саалаҕа үөрэ-көтө көрсүбүттэр. Манна ырыалар, эҕэрдэлэр, араас сонун оонньуулар дьону-сэргэни улаханнык сэргэхсиппиттэр. Түмсүү көхтөөх кыттааччыта Ульяна Павлова манна кэлбит дьонноругар соһуччу үөрүүнү бэлэхтээбит. Ол курдук, Моруос оҕонньор буолан барыларыгар бэйэтин бэлэхтэрин туттартаабыт. Ульяна куруутун да итинник соһуччу үөрүүнү бэлэхтиир үтүө үгэстээх. Онон бастыҥ көмөлөһөөччүлэригэр, дьүөгэлэригэр махтаналлар, тэрээһини тэрийсибит, сүүрбюүт-көппүт, түбүгүрбүт көмөлөһөөччүлэригэр, активка махталларын тиэрдэллэр.
Үөрүүлээх сонуҥҥа Тумулга «Аал уот» түмсүү уонна Дүпсүн — Бээди аҕам саастаахтара Оруоһуспа аптаах киэһээтэ көрсүһүүгэ ыҥырыллан, ыалдьыттаан эмиэ олус үөрбүттэр, сэргэхсийбиттэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттарын олус истиҥник, алаадьылаах, кымыстаах көрсүбүттэр. Алгыс сиэрэ-туома «Арчы» дьиэтигэр ыытыллыбыт. Салгыы истиҥ эҕэрдэлэр, толору астаах мааны сандалы тула олорон сэһэргэһии, ырыа-тойук, араас оонньуулар ыытыллыбыттар. Үөрүүлээх дьоро киэһээлэрэ Кыайыы болуоссатыгар хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэммит. Үөрбүт, улаханнык астыммыт дьон быһыытынан тумулларга бэртээхэй тэрээһитннэрин иһин уонна көлөнөн таспыт суоппардарыгар махтаналлар. Алексеев Василий Петровичка, Жирков Вячеслав Долгуновичка махталларын тиэрдэллэр.
Бу кэнниттэн, аны, Уһун Күөлгэ ыҥырыллыбыттар. Манна Дүпсүн, Бээди, Тулуна, Өнөр, Уһун Күөл аҕас саастаахтара көрсүбүттэр, атах тэпсэн олорон астына сэһэргэспитэр. Эмиэ бэртээхэй тэрээһин ыытыллыбыт. Онон эмиэ истиҥник махтаналлар. Бары маннык түмсүүлээх, эйэҕэс, истиҥ сыһыаннаах буолуоҕун диэн баҕа санааларын тиэрдэллэр.
Иван Сивцев — Бээди
Евдокия Шергина хаартыскалара
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: