Бэҕэһээ Дьокуускайга икки киһини массыына түҥнэри көттө

Share

Атырдьах ыйын 24 күнүгэр киэһэ 21.00 ч. саҕана Дьокуускайга Суолу кэтээн көрөр сулууспа дьуһуурунай чааһыгар Ойуунускай уулуссатын 6 нүөмэрдээх дьиэтин аттыгар суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, Ойуунускай уулуссатыттан Петровскай уулуусатын туһаайыытынан «Чайка-Сервис» мааркалаах массыынаны ыытан испит 49 саастаах киһи көҥүллэммэт сиринэн туораан испит 36 уонна 38 саастаах икки эр киһини түҥнэри көппүт.

Бу туһунан СӨ  Суолу кэтээн көрөр сулууспата иһитиннэрэр.

Суол быһылаанын түмүгэр икки киһиттэн биирэ эт-хаан улахан эчэйиитин ылан балыыһа киирдэ, иккиһэ этэҥҥэ, тугун даҕаны эчэппэтэх.

Массыына суоппара «А,В,С,М» категориялаах дастабырыанньалаах, 28 сыл ыытар ыстаастаах, арыгы испэтэх. Федеральнай бааза көрдөрүүтүнэн, Суолу кэтээн көрөр сулууспанан административнай буруйга тардыллыбатах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago