Бэҕэһээ хас даҕаны киһи эчэйиилээх үс суол быһылаана таҕыста

Бэҕэһээ хас даҕаны киһи эчэйиилээх үс суол быһылаана таҕыста

07.10.2023, 14:30
Хаартыска СӨ Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Күн-дьыл усулуобуйатын мөлтөөһүнэ суолга саахал тахсарыгар тириэрдэр. Аҥардас ааспыт сууккаҕа эрэ Дьокуускайга 16 суол-тырааныспар саахала таҕыста.

Бэҕэһээ сарсыарда Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай сулууспа дьуһуурунай бөлөҕөр массыына төкүнүйбүтүн уонна онно хас да киһи эчэйбитин туһунан иһитиннэрии киирбит. Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай сулууспа иниспиэктэрдэрэ быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийбиттэрэ, Окружной суол 55 №-дээх дьиэтин аттыгар 19 саастаах «Subaru Impreza» массыына суоппара Бүлүүлүүр суол  өттүттэн Космонавтар уулуссаларын диэки түргэнник айаннаан иһэн, уруулун сатаан туппакка, тырааныспарын суолтан көтүтэн баран төкүнүппүт.

Суол быһылаана тахсар түгэнигэр массыынаҕа үс 18 саастаах дьон олорсон испит. Бары араас эт-хаан эчэйиитин ыланнар балыыһаҕа киирбитэр. «Subaru Impreza» массыына суоппара итирдэр утаҕы испит туруктааҕа биллибит, алкотестер көрдөрбүтүнэн 0,49 мг/л арыгыны испитэ туоһуламмыт. Кини суоппар дастабырыанньалаах, массыынаны 1 сыл ыыппыт ыстаастаах.

Ол кэннэ, эмиэ бэҕэһээ, күнүс 15.00 ч. Травматология пуунуттан суол-тырааныспар быһылааныгар түбэһэн эт-хаан эчэйиитин ылбыт дьон көрдөрүнэ кэлбиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн биллибитинэн, 13:40 ч. 41 саастаах суоппар «Lada Largus» массыынанан Дзержинскай уулуссатынан айаннаан иһэн Кальвица уулуссатыгар туораары монокөлүөһэнэн сатыы киһи суолу туоруур сиринэн айаннаан испит 22 саастаах эр киһини түҥнэри көппүт. Суол быһылаанын түмүгэр эр киһини араас тостуулаах балыыһаҕа киллэрбиттэр.

Оттон киэһэ 21:00 ч. Горькай уонна Октябрьскай уулуссаларын быһа охсуһуутугар суол-тырааныспар быһылаана тахсыбытын, онно эчэйбит дьон баалларын туһунан иһитиннэрии киирбит. Барыллаан быһаарыынан, 26 саастаах киһи «Toyota Crown» массыынанан Киров уулуссатын өттүттэн айаннаан иһэн светофор кыһыл уота тыган турарын аахайбакка ааһан, Лермонтов уулуссатын диэкиттэн испит «Toyota Land Cruiser» массыынаны кытары харсыспыт.

Ол түмүгэр «Toyota Land Cruiser» массыынаҕа олорсон испит икки киһи төбөлөрүн эчэтэннэр балыыһаҕа киирбиттэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, суоппардар даҕаны, олорсон испит дьон даҕаны итирдэр утаҕы испэтэхтэрэ быһаарыллыбыт. Госавтоинспекция баазатын дааннайынан, «Crown» суоппара суол быраабылатын кэһэн, быйыл 7 административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыта биллибит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: