Салгыы
Бэҕэһээ Саха сиригэр икки баһаары умуруордулар

Бэҕэһээ Саха сиригэр икки баһаары умуруордулар

14.06.2023, 11:41
Галина Мозолевская хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 617 гаа иэннээх икки ойуур баһаарын умуруордулар. Томпо улууһугар 610 гаа иэннээх сиргэ  уонна Үөһээ Халыма улууһугар 7 гаа иэннээх сиргэ баһаардар буолбуттарын умуруордулар. Бу туһунан бэс ыйын 14 күнүгэр экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. 

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Билигин Уус Маайа улууһугар 3 гаа иэннээх сиргэ баһаар буола турар, ону төгүрүйэн, умуруора сылдьаллар. Нерюнгри оройуонугар 9 гаа иэннээх сиргэ  ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар.

Быйыл сааскыттан Саха сиригэр 1740 гаа иэннээх сиргэ  33 ойуур баһаара уонна 1280 гаа иэннээх сиргэ 42 айылҕа (ландшафтнай) баһаар буолбут.

Баһаары утары ураты эрэсиим Дьокуускай, Алдан, Абый, Амма, Бүлүү, Уус Алдан, Уус Маайа, Өймөкөөн, Эбээн Бытантай улуустарыгар биллэриллибитэ. Бу улуустарга кэтээн көрөр ботурууллуур-эриэйдэлиир тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 апреля
  • 1°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 37% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: