Галина Мозолевская хаартыската, СИА.
Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 617 гаа иэннээх икки ойуур баһаарын умуруордулар. Томпо улууһугар 610 гаа иэннээх сиргэ уонна Үөһээ Халыма улууһугар 7 гаа иэннээх сиргэ баһаардар буолбуттарын умуруордулар. Бу туһунан бэс ыйын 14 күнүгэр экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Билигин Уус Маайа улууһугар 3 гаа иэннээх сиргэ баһаар буола турар, ону төгүрүйэн, умуруора сылдьаллар. Нерюнгри оройуонугар 9 гаа иэннээх сиргэ ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар.
Быйыл сааскыттан Саха сиригэр 1740 гаа иэннээх сиргэ 33 ойуур баһаара уонна 1280 гаа иэннээх сиргэ 42 айылҕа (ландшафтнай) баһаар буолбут.
Баһаары утары ураты эрэсиим Дьокуускай, Алдан, Абый, Амма, Бүлүү, Уус Алдан, Уус Маайа, Өймөкөөн, Эбээн Бытантай улуустарыгар биллэриллибитэ. Бу улуустарга кэтээн көрөр ботурууллуур-эриэйдэлиир тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бу күннэргэ Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн нэһилиэгэр туристар үгэс быһыытынан тоҕуоруһа мусталлар. Тымныы хаһаайынын --…
Тохсунньу 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун отделын дьуһуурунай чааһыгар «Халыма» федеральнай суолга суол быһылаана тахсыбытын…
Бүгүн былааннары олоххо киллэрэргэ табыгастаах кэм. Бу күн бэрээдэги, эппиэтинэстээх буолууну ирдиир. Ол эрээри, Ый…
Саха сирин синоптиктарын иһитиннэриитинэн, бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, илин өттүгэр кыралаан хаардыыр,…
Тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан улууһугар Мүрүгэ "Түһүлгэ" киин балаҕан-дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,…
Доруобай буолуу төрдө. Тыыныынан эмтэнии биир саамай былыргы ньымата -- хатха-йога. Биһиги кэммитигэр биир сиргэ…