Салгыы
Бэҕэһээ Күҥҥэ эстии буолбута

Бэҕэһээ Күҥҥэ эстии буолбута

07.11.2024, 11:00
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 6 күнүгэр Күҥҥэ улахан эстии тахсыбыта. Онон бу күннэргэ Сиргэ эмиэ магнитнай буурҕалар түһэллэрин сабаҕалыыллар.

Хаартыска: Күн астрономиятын лабораторията.

ФОБОС күн-дьыл туругун киинэ иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 6 күнүгэр киэһээ Х2,4 кылаастаах күүстээх эстии буолбут. Ол Күн хабыллар хаба ортотугар, Күн-Сир лииньийэтигэр буолбут, онон халты барбакка, тиийэн кэлиэн сөп.

Оттон Күн-Сир физикатын институтун күн астрономиятын лабораторията иһитиннэрбитинэн, эстии куйаарга элбэх  бэссэстибэни таһаарбатах, онон Сиргэ дьайыыта кыра буолуохтаах. «Ол эрээри, бу эстии соҕотох буолбутах, саҕаланыыта эрэ. Билигин Күн сүрдээх актыыбынай, эстиилэр элбэхтик буолаллар», — диэн учуонайдар бэлиэтииллэр.

Онон сэтинньи 7 күнүгэр мөлтөх магнитнай буурҕа саҕаланыан сөп. G1 таһымҥа тиийиэ диэн сабаҕалыыллар (барыта биэс таһым баар, G1 — мөлтөх буурҕа, а G5 — таһыччы күүстээх буурҕа).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: