Бэҕэһээ сөмөлүөккэ дьахтар өллө
Бэҕэһээ, от ыйын 1 күнүгэр, Дьокуускайтан Өлүөхүмэҕэ диэри көппүт сөмөлүөккэ аҕам саастаах дьахтар өллө. «Полярные авиалинии» авиахампаанньа рейсэ 9,5 чаас устата тардыллан көппөтөх. Сөмөлүөт иһэ итиитин ааһан, туох эрэ ураты сыттаах эбит.
Көтүү инниттэн дьахтар туруга соччото суоҕа. Бастакы суһал көмөнү пассажирдар оҥорбуттар. Сарсыарда 7:20 көтүөхтээх сөмөлүөт 16:5 чааска Дьокуускайтан хоҥнубут. Ирдэбил быһыытынан пассажирдарга ууну уонна итии аһылыгы кэмигэр биэрбиттэр. Саастаах дьахтар онкодиспансерга эмтэнэн баран, дойдутугар төннөн испит.
Бу быһылааҥҥа анаан «Полярные авиалинии» авиахампаанньа саайтыгар маннык ис хоһоонноох иһитиннэриини таһаарбыт.
«От ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай — Өлүөхүмэ хайысханан рейси оҥорор сөмөлүөккэ соччото суох түгэн буолла. Көтүү кэмигэр дьахтар уопсай туруга мөлтөөбүт. Бортпроводниктар сөптөөх миэрэни ылан, көмөнү оҥоро сатаабыттар да, хомойуох иһин, пассажиры быһаабатахтар.
Бу иннинэ пассажир чугас аймахтара ыарахан туруктаах ыарыһах көтөрүгэр көҥүлү ылыыга суругунан көрдөһүүнү киллэрбиттэр. «Полярные авиалинии» авиахампаанньа чугас аймахтарыгар, дьонноругар дириҥ кутурҕанын биллэрэр, аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбит». Бу күннэргэ олус итии күннэр туралларынан доруобуйаҕытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһаргытыгар сүбэлиибит.
https://polar.aero/press-tsentr/news/3211/
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: