Салгыы
Бэҕэһээ сибээскэ тахсыбатах балыксыттары буллулар

Бэҕэһээ сибээскэ тахсыбатах балыксыттары буллулар

Ааптар:
13.09.2024, 11:56
https://t.me/spasykt
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, киэһээ 18:31 чааска Жатай  полициятыгар  эр киһи  сүппүтүн, сибээскэ тахсыбатын туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрдэ. 

Ол курдук, 1997 сыллаах төрүөх Дьокуускай куорат олохтооҕо Жатай таһыттан Өлүөнэ өрүскэ 18 чааска оҥочонон айаннаан баран, сибээскэ тахсыбатах.  Полицияҕа  кинини кытары бу иннинэ бииргэ балыктыы сылдьыбыт киһитэ эрийэн биллэрбит.  Кинилэр үс буолан балыктыы сырыттахтарына биир балыксыт кэлэн билсибит.  Итиэннэ бары  арыгы испиттэр. Салгыы биир табаарыстара  саҥа билсибит киһилэрин  кытта атын сиргэ балыктыы  оҥочонон барсыбыт уонна  сибээскэ тахсыбатах.

Киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии киирээтин кытта,   СӨ Быыһыыр  сулууспатын икки быыһааччыта  балыксыттары геолокациянан көрдөөбүттэр. Нөҥүө күнүгэр,  сарсыарда  07:38  чааска сүппүт  дьону Тулагы уонна Сыырдаах кытылыттан булбуттар. Балыксыттар доруобуйалар этэҥҥэ диэн Быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: