Бэҕэһээҥҥиттэн Кэбээйигэ бырабыыталыстыба отчуота саҕаланна
Бэҕэһээҥҥиттэн, олунньу 8 күнүттэн, ситэриилээх былаас отчуота Кэбээйи улууһугар саҕаланна. Ол курдук СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ, туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды салалтатынан икки бөлөх Кэбээйи улууһун 16 нэһилиэгин олохтоохторун кытта көрсүөхтэрэ.
Бэҕэһээ бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэллэрэ Батамай, Сиэгэн Күөл уонна Сайылык олохтоохторун кытта көрсүбүттэрэ. Кэбээйи улууһугар отчуоттар алта күн устата ыытыллыахтара. Түмүктүүр отчуот олунньу 13 күнүгэр Сангаар бөһүөлэгэр буолуоҕа. Миниистир Тимур Ханды Кэбээйи улууһугар сылдьыы туһунан эрдэ былааннаабыт, тоҕо диэтэххэ, туризмы оройуоҥҥа сайыннарыахха сөбүн бэлиэтиир.
«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Кэбээйи оройуонугар түөрт сыл иһигэр оскуолаларга «Точка роста» диэн 13 үөрэх киинэ оҥоһуллубут, Сайылык нэһилиэгэр 275 миэстэлээх оскуола тутуллубут. Ону сэргэ Арыктаах нэһилиэгэр биэлсэр-акушерскай пуун үлэҕэ киирбит. «Култуура» бырайыагынан Кэбээйи оройуонун кыраайы үөрэтэр мусуойугар хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубута. Ону таһынан Мастаахха култуура киинин тутуутун бырайыактыыр-симиэтэ эспэртиисэтэ бэлэмнэниллэр. Батамайга «Жилье и городская среда» национальнай бырайыагынан сынньалаҥ култуура паарката тупсарыллыбыт. Тимур Ханды бэлиэтииринэн, Батамайга олохтоохтор этиилэринэн саҥа бырайыактар олоххо киириэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: