Салгыы
«Бегущая Лена» сүүрүүгэ 400-тэн тахса киһи кытынна

«Бегущая Лена» сүүрүүгэ 400-тэн тахса киһи кытынна

03.06.2023, 15:10
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 3 күнүгэр сарсыардаттан “Туймаада” стадиоҥҥа “Бегущая Лена” диэн сүүрүү буола турар. Тэрээһиҥҥэ 400-тэн тахса киһи кыттар.

Хаартыска: СИА.

Ол курдук, ийэлэр кэлээскилэрин үтэн уонна оҕолорун сиэтэн сүүрүүлэрэ, 5-8 саастаах оҕолортон саҕалаан, 55-рин ааспыт дьахталлар сүүрүүлэригэр тиийэ бириэмэнэн аттарыллыбыт. Саамай элбэх сайаапка 18-35 саастаах дьахталлар 3 уонна 5 килэмиэтиргэ сүүрүүлэригэр киирбит. Онон эдэр ийэлэр көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр.

Хас биирдии кыттааччыга анаан оҥоһуллубут мэтээли уонна элбэхтик туттуллар, ууну иһэр бытыылканы биэриэхтэрэ. Кыттыы кыра төлөбүрдээх, кыттар дьон эрдэттэн суруйтарбыттара.

Сүүрүү, спорт бырааһынньыгар сарсыардаттан босхо спортивнай дьарыктар, маастар-кылаастар, сэрээккэлэр ыытыллыахтара. Кэнсиэр буолуоҕа. Спорду, чөл олоҕу өрө тутар кыргыттар, дьахталлар бииргэ түмсэн, билсэн-көрсөн, сибиэһэй салгыҥҥа сүүрэн-көтөн, туһалаах дьарыктарга сылдьан, бириэмэлэрин көхтөөхтүк атаараллар.

“Бегущая Лена” экологическай сүүрүүнү 2018 сыллаахха дьахталларга анаан уопсастыбанньык, элбэх оҕолоох ийэ Туйаара Алаас саҕалаабыта. Билигин уопсастыбанньык, урбаанньыт Ирина Матвеева салгыыр, сайыннарар. Сүүрүү чөл оҕону тарҕатарга, ийэлэр доруобай буолууга тардыһалларыгар, оҕолорун оннук өйгө-санааҕа иитэллэригэр ананан ыытыллар. Бу манна кыттыбыт, биэтэккэ кэлбит киһи барыта кыайыылаах буолар, тоҕо диэтэр, кини бэйэтин сүрэҕэлдьиирин, саарбахтыырын, кыайбатын кыайдаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -15°C
  • Ощущается: -15°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: