Бу күннэргэ Арассыыйаҕа ирбэт тоҥҥо тутуллар соҕотох полигон бастакы түһүмэҕэ үлэҕэ киирдэ. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Экология” национальнай бырайыагар олоҕуран тутулунна. Манна кэллэххинэ, бэйэтэ кыра бөһүөлэк саҕа иэннээх сиргэ полигон тутуллубута харахха быраҕыллар. Маҥан хаарга көрдөххө, килэйэн-халайан киэҥэ сүрдээх. Бу 46 гектар иэннээх саҥа полигон сылга 132 тыһ. туонна кытаанах тобоҕу харайыахтаах.
Онон билигин манна административнай-бытовой куорпус, таһаҕастаах массыынаны ыйааһынныыр сир, уот ситимэ, былаһаакка иһинээҕи суол-иис, эргиччи тимир күрүө-хаһаа уо. д.а. тутуллубут. Ону тэҥэ бөҕү харайар учаастактар биэс каарталарыттан иккитэ баар буолара ирдэммитэ.
Остуолга тэлгэммит каартаны көрдөххө, өссө бу былаһааккаҕа туох тутуу барара ырылыччы көстөр. Производственнай зонаҕа киирсэр эбит: кытаанах тобоҕу харайар учаастак биэс уочаратынан ыытыллар диэн суруллубут. Грунт кавальера, фильтрациялыыр уонна кирдээх уу чүөмпэтэ — регулятора, ыраастаммыт уу пруд-регулятора. Хаһаайыстыбаннай зонаҕа: шлагбаумнаах аан, КПП, баһаартан көмүскэнэргэ уулаах резервуардар, уот араҕыстаҕына үлэлэтэргэ дизельнэй уот ыстаансыйата, малы-салы харайар ыскылаат, уматыгы харайар ыскылаат, хонтуруоллуур-дезинфекциялыыр тэрил, бөх контейнердарын былаһаакката, радиацияны хонтуруоллуур ситим уо. д.а.
Киһи кэрэхсиирэ диэн, бачча улахан сири-уоту — былаһаакканы кыйа баһаартан кутталлаах кэмҥэ ойуур уота суоһаабатын туһугар минерализованнай балаһаны хайыы-үйэ оҥорбуттара. Таһаҕастаах массыына ыйааһынын иккини тэҥинэн оҥорбуттар. Тоҕо диэтэххэ, бииринэн массыына киирэн баран, сүөкэнэн тахсарыгар дезинфекцияны ааһан ыраас тахсар эбит.
“2022 сыл бэс ыйын 10 күнүттэн полигону тутуу саҕаламмыта. Манна сакаасчытынан биһиги — “СӨ ОДьКХ” ГУП тэрилтэ, бэдэрээтчитинэн — “Ремстройпроект” ХЭУо буолбута.
Кытаанах тобоҕу харайар аныгы полигону тутуу айылҕаны харыстыыр тутуулардаах буолан, салгыны, сири (сир кырсын) харыстыыр, кэбийээччилэр, үөн-көйүүр уонна бактыарыйалар тарҕаныыларын мэһэйдиир кыахтаах. Билигин туһанылла сылдьар полигон 1974 сылтан уопсайа 40-тэн тахса сыл үлэлиир буолан, санитарнай уонна экология ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт. Бу сыбаалка сабыллыахтаах уонна рекультивацияланыахтаах.
Бырайыакка полигону тутууну түһүмэхтэринэн киллэрии торумнаммыта.
Бастакы түһүмэххэ полигон бары инфраструктуратын уонна тобоҕу харайыы биэс каартатыттан бастакы иккитин тутуу көрүллүбүтэ”, — диэн чопчулаата бастакы түһүмэҕи тэрээһиннээхтик ыыппыт “СӨ ОДьКХ” ГУП генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Лев Соров. II түһүмэххэ тобоҕу харайар үс учаастагы 2024 сылтан 2028 сылга диэри кэмҥэ тутуохтаахтар.
Полигоҥҥа аҕалыах иннинэ тобоҕу бастаан “Дьокуускай к. бөҕү тиэйэр наардыыр-суортуур (мусороперегрузочный) ыстаансыйаҕа” иккис бородууксуйаны ылыыга анаан тиэрдиллэр. Онон перегрузочнай ыстаансыйаҕа бөх үс гыммыттан биирин араарыахтара уонна хаттаан оҥорон таһаарыыга ыытыахтара.
“Бу полигон үлэҕэ киирдэҕинэ, бөҕү харайыы аныгы таһымҥа тахсыаҕа. Ол эрээри бастаан Бөҕү перегрузкалыыр ыстаансыйа үлэҕэ киириэхтээх. Оччоҕуна хомунаалынай кытаанах тобохтор бу ыстаансыйаҕа тиэллэн кэлиэхтэрэ. Онно кэлбит бөҕү-сыыһы туһалаах көрүҥнэринэн наардыахтара. Холобура, өстүөкүлэ, хортуон, тимир, мас, былаастык эҥин диэн. Итинтэн атыны барыта компостанан, бэлэмнэниэҕэ. Онтон, дьэ, тобохтор саҥа полигоҥҥа аҕалыллыахтара”, — диэн быһаарда СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэҕэ миниистирэ Вячеслав Емельянов.
Полигоҥҥа киирэллэригэр бөх тиэйэр массыыналар радиация хонтуруолун ааһаллар, салгыы ыйааһыны, онтон технологическай суолунан харайар миэстэҕэ тиийэллэр. Сүөкэммит массыына сууйууну уонна ыйааһыны ааһар. Тобохтору сааһылааһыҥҥа хаттыгастарынан ууруллар, ону анал тиэхиньикэ чиҥэтэн биэрэр. Кытаанах тобох араҥата кумаҕынан изоляцияланар. Ону Бүлүүлүүр аартык 39 км баар карьертан тиэйиэхтэрэ.
Полигон хас биирдии каартатын үлэлэтии болдьоҕо биэс сылга тэҥнэһэр. Билиҥҥи туругунан манна икки каарта тутулунна уонна уопсайа 10 сыл туһаныллыахтаах. Оттон хаалбыт үс каарта, этиллибитин курдук, полигону тутуу иккис түһүмэҕэр тутуллуохтара.
Өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Экологияҕа куттал суох буолуутун департаменын салайааччытын солбуйааччы Степан Куличкин чопчулуурунан, тобохтор тулалыыр эйгэҕэ буортулаах дьайыылара аччыаҕа. Сир кырсыгар быһаччы дьайыы-
лара суох буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, геомембрананы тэлгэтэллэр.
Саха сиригэр бөҕү харайар Өссө тоҕус эбийиэк киириэ дииллэр. Ол курдук, Мииринэй, Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан оройуоннарыгар, Бүлүүгэ уонна Кыһыл Сыырга кэлимсэ харайар полигоннар, Уус Алдаҥҥа уонна Нерюнгри оройуонугар бөҕү наардыыр комплекстар.
“Экология” национальнай бырайыак көмөтүнэн тулалыыр эйгэбитигэр уонна дьон доруобуйатыгар буортуну аҕалар мунньуллар кытаанах тобохторго аналлаах маннык полигоннары тутуу инникитин көдьүүстээх буолууһу.
Семеновтар, Дьокуускай куорат олохтоохторо:
— Бу тутуу хаһан үлэҕэ киириэй диэн куорат олохтоохторо, ордук Бүлүүлүүр суолу кыйа даачалар олохтоохторо интэриэһиргиибит. Тутулла турар диэн истибиппит. Бүлүүлүүр суол 8 км тутуллан эрэр бөҕү саамылыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирдэҕинэ үлэтин саҕалыахтаах эбит. Онон эрэнэ кэтэһэбит.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…