Бөх тоҕор дьааһык: үтүө холобур
Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр «Чэбдик» түөлбэ актыыба хас биирдии ыалтан, бөһүөлэк тас көстүүтүн тупсарар сыалтан, бары биир кэлим бөх тоҕор дьааһыгы оҥороллорун тэрийдэ.
Бэрдьигэстээх «дизайн-кодугар» сөп түбэһэр дьааһыктары бэйэтэ мастарыскыайдаах олохтоох уус Анатолий Оленовка сакаастаабыттар. Бөх тоҕор дьааһык 130 см уһуннаах, 80 см кэтиттээх, 100 см үрдүктээх, бөҕө, тупсаҕай көстүүлээх дьааһык сыаната — 3000 солк.
«Бу манна майгыннатан, сорох ыал бэйэтэ бөх тоҕор дьааһык оҥостубут. Онон нэһилиэк биллэ тупса түспүт. Буочукалар иҥнэһэн туралларынааҕар, маннык хаппахтаах дьааһык тас көстүүнү ордук тупсарар уонна саамай сүрүнэ — бөх ыһыллыбат. Түөлбэнэн маннык дьаһаныы үтүө холобур буолар«, — диэн Бэрдьигэстээх дьаһалтатын телеграм-ханаала иһитиннэрэр.
Бу холобуру өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэктэрэ да холобурга ылан, олоххо киллэрэллэрэ буоллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: