Салгыы
Бэһис кылаас үөрэнээччилэригэр анаан дьарык тэтэрээтэ оҥоһулунна

Бэһис кылаас үөрэнээччилэригэр анаан дьарык тэтэрээтэ оҥоһулунна

Ааптар:
13.10.2023, 16:00
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сирин үөрэҕириитин эйгэтигэр саҥа сонун таһаарыы сүрэхтэннэ. Бэһис кылаас үөрэнээччилэрин ааҕар сатабылларын сайыннарар, толкуйдатар сорудахтардаах «Ыллык» диэн дьарык тэтэрээтэ бэчээттэнэн таҕыста.

Саҥа кинигэҕэ оҕо төрөөбүт тылын баайын тулалыыр эйгэтин кытта ситимнээн, өбүгэтин үгэһин кэрэхсээн улаатарыгар олук ууран БҮөСЫ ирдэбилигэр тирэҕирэр тиэкистэр, сорудахтар, эрчиллиилэр киирдилэр.

Үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ыйдарынан арахсан, балаҕан ыйыттан ыам ыйыгар диэри барыта 34 дьарык баар. Ыйдар тиэмэлэринэн арахсаллар. Холобура, кулун тутарга сүрэхтээх буолуу, үлэһит киһи, онтон сэтинньигэ тулуур, сыра-сылба туһунан тиэкистэр уонна сорудахтар суруллубуттар.

Дьарык тэтэрээтин  С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын саха тылын, литературатын учууталлара — В.К. Дьяконов, С.И. Еремеева, Е.В. Иванова, И.И. Неустроева, С.Д. Платонова, Л.Е. Попова толкуйдаан оҥордулар.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: