Бу күннэргэ Саха сирин үөрэҕириитин эйгэтигэр саҥа сонун таһаарыы сүрэхтэннэ. Бэһис кылаас үөрэнээччилэрин ааҕар сатабылларын сайыннарар, толкуйдатар сорудахтардаах «Ыллык» диэн дьарык тэтэрээтэ бэчээттэнэн таҕыста.
Саҥа кинигэҕэ оҕо төрөөбүт тылын баайын тулалыыр эйгэтин кытта ситимнээн, өбүгэтин үгэһин кэрэхсээн улаатарыгар олук ууран БҮөСЫ ирдэбилигэр тирэҕирэр тиэкистэр, сорудахтар, эрчиллиилэр киирдилэр.
Үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ыйдарынан арахсан, балаҕан ыйыттан ыам ыйыгар диэри барыта 34 дьарык баар. Ыйдар тиэмэлэринэн арахсаллар. Холобура, кулун тутарга сүрэхтээх буолуу, үлэһит киһи, онтон сэтинньигэ тулуур, сыра-сылба туһунан тиэкистэр уонна сорудахтар суруллубуттар.
Дьарык тэтэрээтин С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын саха тылын, литературатын учууталлара — В.К. Дьяконов, С.И. Еремеева, Е.В. Иванова, И.И. Неустроева, С.Д. Платонова, Л.Е. Попова толкуйдаан оҥордулар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…