“Бөһүөлэк үрдүнэн халлаан оройо аһыллыбыт курдук буолбута”

“Бөһүөлэк үрдүнэн халлаан оройо аһыллыбыт курдук буолбута”

25.07.2024, 11:10
Видеоттан скриншот
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Кэбээйи бөһүөлэгин үрдүнэн күн уотун сардаҥата кэрэхсэбиллээх көстүүнү бэлэхтээтэ. Видеоҕа түһэрбит Ирина Т. , бөһүөлэкпит үрдүнэн халлаан оройо аһыллыбыт курдук буолбута, туох эбитэ буолла, диэн сөҕөн-махтайан суруйбут.

Биологическай билим дуоктара Роман Васильевич Десяткин бу көстүүнү маннык диэн быһаарар:

“Үнүргү ардахтар кэннилэриттэн сир да, салгын да сииктээх турар. Ол туоһутунан киэьээ — сарсыарда тыала суохха араас уунээйи сыта киһи сүрэҕин уоскутара буолар. Быйыл саас ойуур тыллар кэмигэр күн аайы түһэр тыаллар мутукча сытынан күндүлээбэтэхтэрэ. Билигин сииктээх салгын бытархай уу хааппылаларынан тотон турар. Хас биирдии хааппыла бэйэтэ туһунан лупа курдук оптическай дьайыыны оҥорор. Ол барыта холбоһон, халлааҥҥа араас иллюминацияны таһаараллар. Олортон саамай киэҥник тарҕаммыта көрүҥ — күн тула үөскүүр уобуруччу — гало буолар. Гало кыһынын туманнаах салгыҥҥа, сайынын сииктээх күннэргэ үгүстүк үөскүүр.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: