Салгыы
Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата: эрэгийиэн быһаарыытыгар

Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата: эрэгийиэн быһаарыытыгар

30.07.2023, 10:00
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Ааспыт саас муус устар 16 күнүгэр аҕыс саастаах оҕо үөр ыт саба түһүүтүттэн өлбүтэ. Сокуоҥҥа уларытыыны киллэрии туһунан этии Оренбурга оҕо өлүүлээх иэдээн кэнниттэн саҕаламмыта. Аны мантан антах бэйдиэ ыт кыһалҕатын эрэгийиэннэр бэйэлэрин олорор усулуобуйаларынан, килиимэттэринэн көрөн учуоттуохтара диэн сокуон бырайыагын бастакы ааҕыы кэнниттэн дьоҥҥо эрэл санаа үөскээбитэ… Тоҕо диэтэххэ, бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата биһиги эрэ өрөспүүбүлүкэбитигэр буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн олус сытыытык турар. 498 №-дээх «Кыылга амарах уонна эппиэтинэстээх сыһыан” туһунан сокуоҥҥа эбии уларытыылары киллэрии туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыытын ыам ыйын 16 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара көрбүттэрэ. Ол курдук бу докумуоҥҥа Арассыыйа субъектара бэйдиэ ыт кыһалҕатын бэйэлэрэ быһаарар бырааптаналларыгар туһуламмыта.

Кыһалҕалаах кыһыл атахтаах

Тыйыс тымныылаах, уһун кыһыннаах Сахабыт сиригэр ыттар үөрүнэн сылдьан дьоҥҥо кутталынан суоһуулларын оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох, үгүстүк сатыы уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан сылдьар дьон эрэ билэн эрдэхтэрэ. Элбэх кыбартыыралаах таас дьиэлэр анныларыгар тымныыттан, аччыктааһынтан үөрдүспүт ыттар үрэн моргуһалларын истэ-истэ төһөлөөх төрөппүт оҕото оскуолаттан кэлэрин утары көрсө тахсара буолуой. Киһи өлүүлээх иэдээннэр кэннилэриттэн ама хайа төрөппүт оҕотун, чугас дьонун туһугар долгуйбат, куттаммат буолуой? Судаарыстыбаннай Дуумаҕа ыт кыһалҕатын сокуонун бырайыага көрүллүөр диэри ыты көмүскэһээччилэр социальнай ситимнэргэ киэҥ айдааны, элбэх кэпсэтиини таһаарбыттара. Ордук бу сокуону утары Москваҕа олорор ыты көмүскэһээччилэр туруорсубуттара. Биирдиилээн пикеттэри оҥорон, петицияларга илии баттааһыннары хомуйбуттара. Билигин Москваҕа сыл ахсын бэйдиэ ыттары тутууга 1,4 миллиард солкуобай ороскуоттанар. Оттон биһиэхэ, Саха сиригэр, бэйдиэ сылдьар ыттары иитиигэ, аһатыыга сылга 38 мөлүйүөн ороскуоттанар.

Эрэгийиэн тугу быһаарар буолла?

Судаарыстыбаннай Дуума экологияҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Кобылкин сокуон бырайыага эрэгийиэннэр былаастарыгар ыт кыһалҕатын бэйэлэрэ быһаарар кыахтаналларыгар быраап биэрэр диэн турардаах. Уһук Хоту, Уһук Илин, Сибиир оройуоннарыгар нэһилиэнньэ 30% олорор. Нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн олус ыраахтар, онон бэйдиэ сылдьар ыттарга приют тутар уустуктардааҕын бэлиэтээбитэ. Онон саҥа сокуон бырайыага эрэгийиэннээҕи былаас уорганнарыгар ыт кыһалҕатын быһаарарга эбии быраап биэрэр кыахтанар диэн эппитэ. Ол курдук сокуон барылын үһүс ааҕыытыгар от ыйын 13 күнүгэр көннөрүүлэр киирбиттэрэ. Бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын быһаарар сокуон аны уулуссаларга хаһаайыннаах ыттар бэйдиэ сылдьыыларын бобор буолбута. Дьиҥэр, аан бастаан сокуон барыла бэйдиэ сылдьар ыттары утутары дуу, утуппаты дуу эрэгийиэн бэйэтэ быһаарыахтаах диэн боппуруостан саҕалаабыта. Ол курдук, сокуон барылыгар бэйдиэ сылдьар ыттары утутар туһунан киирбэтэҕэ. Саҥа докумуоҥҥа «Кыылга амарах уонна эппиэтинэстээх сыһыан туһунан” 498 №-дээх сокуоҥҥа 17 ыстатыйа балаһыанньата оннунан хаалбыт. Онон эрэгийиэннэр кыылга амарах сыһыаны тутуһалларын, приюттары туталларын, ыттаах хаһаайыннарга ирдэбили күүһүрдэллэрин туһунан суруллубут. Онон Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Владимир Бурматов бэлиэтииринэн, эрэгийиэннэр ыттаах хаһаайыннарга ыстараап олохтуохтаахтар. Оччотугар уулуссаларга бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана биллэ аччыахтаах. Оттон биһиэхэ, Саха сиригэр, ыстараабы хайдах олохтуохтарай уонна ону хайдах хонтуруоллуохтарай?

Ирдэбил кытаатыан наада!

“Кыылга амарах уонна эппиэтинэстээх сыһыан туһунан” 498№-дээх сокуоҥҥа киирбит уларыйыыларынан кэлэр күһүҥҥү балаһыанньа көрдөрүөҕэ. Күһүн үгүс ыал даачаттан куоракка киириэхтэрэ, быстах ылыллыбыт харабыл ыттар дьылҕалара аһаҕас халлаан анныгар. Кытаанах ирдэбил, хонтуруол уонна улахан суумалаах ыстараап эрэ балаһыанньаны көннөрүөн сөп. «Помоги выжить” пуун
эрэһиинэ буолбатах, сыл саҕаланыыта 700 тахса ыт онно иитиллэн турбут буоллаҕына, билигин сыыппара тыһыынчаттан тахсаны көрдөрөр. Сайын бүтэн күһүн кэлиэ. Үөрэх, үлэ, оттук, кыстык кыһалҕатын кытта бэйдиэ сылдьар ыттарбыт кыһалҕалара кыһарыйыа турдаҕа…

Дьокуускай куораттааҕы ыты быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить» пуун салайааччыта Екатерина Безрученко:

— Билиҥҥи туругунан биһиги пууммутугар 1200 ыт баар. Пууммут үс блоктан турар, А, Б, С. Билигин А блокпут харантыыҥҥа турар. Күһүн даачалартан быраҕыллыбыт үгүс ыт бэйдиэ бардаҕына сайаапкаларынан ыттары тутан аҕалыы үлэтэ салҕаныаҕа. Билигин пууммутугар төһө миэстэлээхпитин этэр кыаҕым суох, кыһалҕа тирээтэҕинэ, эбии вольердары тутан икки блогунан киллэриэхпит. Үп-харчы туһунан эттэххэ, харчыбыт ыттарбытын аһатарга эрэ тиийэр. Пууммутуттан 2021 сылтан биир да ыты таһаара, көҥүл ыыта иликпит. Хаһаайыннар эппиэтинэһэ суохтарыттан күн ахсын бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана элбиир. Бэйдиэ сылдьар ыттары тутар сулууспа сайыннары үлэлиир. Сайаапканан үлэлии олоробут.

СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Виктор Николаевич Семенов:

— «Кыылга амарах уонна эппиэтинэстээх сыһыан туһунан» 498 №-дээх сокуону уларытыы үһүс ааҕыытыгар киирбит сокуон барыла хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар ыттары бэрээдэктииргэ туһуламмыта. Ол курдук Арассыыйа эрэгийиэннэрэ бэйэлэрин тус сокуоннарынан бэйдиэ сылдьар ыттары кытта хайдах үлэлиир бэрээдэгин уонна ханнык тэрээһиннэр оҥоһуллалларын бигэргэтиэхтээхтэр. Ону таһынан, сокуон барылыгар баар хаһаайыттар дьиэ кыылын олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара көҥүллээбит миэстэлэригэр эрэ күүлэйдэтэллэрэ көҥүллэнэрин туһунан ыйыллар. Бэтэринээрийэ департамена үөһэ этиллибит сокуон барылын бэлэмниир үлэлэри ыытар. Маны сэргэ, Дьокуускай куорат ыттары быстах кэмҥэ тутар “Помоги выжить” бүрүсүлүөстээбит ыттарыгар билигин 533 №-дээх Арассыыйа Федерациятын Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн бигэргэммит быраабыла туолуутун департамент ирдиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -17°C
  • Ощущается: -17°Влажность: 85% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: