Салгыы
Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын бэйэбит быһаарар буолуохпут дуо?

Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын бэйэбит быһаарар буолуохпут дуо?

06.05.2023, 10:00
Ааптар хаартыската.
Бөлөххө киир:

«Кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан туһунан” 498 №-дээх Федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕалара Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн дойду үрдүнэн сытыытык турбута.

Хомойуох иһин, бу кыһалҕа сиэрти­бэлэринэн оҕолор, дьахталлар буолбуттара. Саха сиригэр киһи өлүүлээх иэдээн 2021 сыл бүтүүтэ Дьокуускайга тахсыбыта. Эппиэтинэһэ суох хаһаайынтан сылтаан ааспыт сыл күһүнүгэр «Үрдэл» пааркаҕа ыал ийэтигэр алабай боруодалаах ыт саба түһэн улаханнык эчэппитэ. “Строительнай” уокурукка хаһаайын­наах ыт оҕоҕо кэнниттэн саба түһэн сии сыспыта. Куорат пааркатыгар хаһаайынын кытта сылдьар ыт оҕону ытырбыта, Белай Гораҕа үөр ыт оҕолорго саба түспүтэ, Жатайга бэйдиэ сылдьар ыттар олохтоохтору сүгүн хаамтарбаттар. Оттон бу соторутааҕыта Оренбург куоракка бэйдиэ сылдьар ыттар кырачаан уолу тутан сиэбиттэрэ…

Бу ынырык иэдээннэр кэннилэриттэн ыам ыйын ортотугар дьэ, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа сокуоҥҥа уларытыыны киллэрэр туһунан докумуону көрүөхтээхтэр. Өскөтүн, сокуон бырайыагын ылыннахтарына, Арассыыйа субъектара бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын бэйэлэрэ быһаарар кыахтаныахтара.

ХАҺААЙЫННААХ ЫТТАРЫ – ХОНТУРУОЛГА!

Ол курдук бу кыһалҕа тула «Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар буолбут “төгүрүк остуолга” СӨ Бэтэринээрийэтин департаменын салайааччы Петр Петров кыттыыны ылбыта. Кини биһиги тыйыс усулуобуйалаах эрэгийиэммитигэр питомниктары тутуу хомунаалынай өттүнэн улахан ороскуот­тааҕын, онон сокуон бырайыагар көрүллэр үбүлээһиҥҥэ маны учуоттууру уонна субъектар дуоһунастаах сирэйдэригэр бэйдиэ сылдьар ыттарга сыһыаннаах эрэгийиэҥҥэ сокуону ылыныы быраабын бэрдэрии туһунан эппитэ. Ол курдук эрэгийиэҥҥэ быраабы биэрэр сокуону олохтооһун хаһаайыннаах ыттары регистрациялааһын ирдэбилин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар күүһүрдэр соруктааҕын, оччотугар хаһаайыннаах ыттары хонтуруоллуур кыах үөскүүрүн туһунан иһитиннэрбитэ. Оттон мин санаабар, хаһаайыннаах ыттарга докумуон ирдэбилэ сааны тутуу докумуонугар тэҥнэһиэхтээх. Оччотугар бэрээдэктэнии уонна эппиэтинэс баар буолуо этэ.

«ТОҔО БИҺИГИНИ БАТЫҺАҔЫН, ОҔОЛОР ЫТТАН КУТТАНАЛЛАР…”

Киһи пааркаҕа даҕаны сүгүн сынньаммат, ыттарын күүлэйдэтэр сир оҥос­тубуттар диэн икки оҕолоох ийэ миигин кытта санаатын үллэстэр. Оҕолорун кытта пааркаҕа салгын сии сылдьан ас атыылаһан баран ыскамыайкаҕа тиийэн аһыы олордохторуна, аттыларыгар орто саастаах эр киһи томторуга суох быалаах улахан ытын туппутунан кэккэлэһэ олорунан кэбиспит. Ыт оҕолор аһыылларын манаан, арай, ийэ санаатыгар, субу ыстаныах курдук утары көрөн олорбут. Ийэ киһи куттанан элбэҕи саҥарбакка, оҕолорун сиэппитинэн туран барбыт. Онуоха аны эр киһи кэннилэриттэн ойон турбут, ытын туппутунан кэннилэриттэн батыспыт. «Тоҕо биһигини батыһаҕын, оҕолор ыттан куттаналлар” диэбитигэр, эр киһи «ытым ытырбат, арай аһары куттанан дугдуҥнаатаххытына, баҕар, ытырыаҕа» диэбит. Дьахтар оҕолорун сиэппитинэн элбэх дьон тоҕуоруһар сиригэр дьулуспут… Маннык түгэннэр аһары элбэхтэр. Оҕо оонньуур былаһааккаларыгар, уһуйаан, оскуола тастарыгар бэйдиэ сылдьар ыттары таһынан, хаһаа­йыннаах ыттар эмиэ элбэхтэр, кинилэр дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталынан суоһууллар. Кыыл диэн кыыл, эмискэ туох буолан туруо биллибэт.

ЭРЭГИЙИЭН БЭЙЭТЭ БЫҺААРЫАХТААХ

Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсан бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатыгар санаатын үллэстибитэ, ол курдук кини, бастатан туран, оҕо-аймах, дьон-сэргэ доруо­буйата уонна кинилэр олохторо инники күөҥҥэ тутуллуохтааҕын иһитиннэрбитэ. Бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын эрэгийиэн бэйэтэ быһаарыахтаах, диэн эппитэ уонна ааспыт кыһын устата бэйдиэ сылдьар ыттары тутар сулуус­палар үлэлэрин хайҕаабыта, ол эрээри эппиэтинэһэ суох хаһаайыттартан сыл­таан ыт ахсаана аччаабатын бэлиэтээбитэ.

Билигин сотору даача сезона саҕаланыаҕа. Кыбартыыралартан даачаларга көһүү сүпсүлгэнэ буолуоҕа… Тэлгэһэлэрин харабыллатаары быстах кэмҥэ харабыл ыттары тутуохтара, күһүн, халлаан тымныйыыта бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана эмиэ элбиэ турдаҕа…

Сыыппара

Ааспыт сыл түмүгүнэн, Саха сиригэр 1726 киһи ыкка ытыртарбыт. Сыл бастакы кыбаарталыгар ыкка ытыртарыы 93 түгэнэ бэлиэтэммит.

Саха сирин уратыта учуоттаныахтаах

Андрей Находкин, Ил Түмэн Аграрнай бэлиитикэҕэ уонна тыа сиригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

– «Уу тааһы кэбирэтэр» диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ буолуо. Федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн эрэгийиэннэр бары оргуйа түспүттэрэ, элбэх этии киирбитэ. Ол түмүгэр, киирбит этиилэри учуоттуур гына, Судаарыстыбаннай Дуума иһинэн оробуочай хамыыһыйа тэриллибитэ. Саха сириттэн миигин уонна куорат баһылыгын ити бөлөххө киллэрбиттэрэ. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Владимир Бурматов этэринэн, эрэгийиэннэртэн барыта 40 тыһыынча кэриҥэ этии киирбит. Бу бүтэһик уларытыы, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын киэнэ, уларыйыы тахсаары гыммыт диэн, улахан эрэли үөскэттэ. Саамай сүрүнэ – кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Кобылкин бэйэтэ баар. Ол иһин, бу буолан ааспыт Ил Түмэн сиэсси­йэтигэр ити Федеральнай сокуоҥ­ҥа уларытыыны өйөөбүппүт. Бары эрэгийиэннэр тус туруорсуубут бу сокуон барылыгар учуоттаммыт курдук санаа­тыбыт: бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын эрэгийиэн бэйэтин сокуонунан уонна эрэги­йиэн баһылыгын быһаарыытынан сааһыланыахтаах диэн. Саха сирин уратыта оччоҕуна эрэ учуоттаныа этэ. Ыты тутан хаайыы, аттааһын, ыраас­тааһын, быһыы туруоруу, төттөрү ыытыы биһиги өрөспүүбүлүкэбит уратытын учуоттаабат диэн элбэхтэ да эттибит, туруорустубут. Аһатан, эмтээн, суу­йан-тараан баран урукку тыйыс усулуобуйатыгар төнүннэрдибит да, ыппыт тыыннаах хаалар туһугар ас көрдөөн, хаттаан үөрдүһэн барар буоллаҕа дии! Аны туран, ыт үгүс өттө хаһаа­йыннаах, маннык ыттар бэйдиэ баран дьону ытыраллар. Онон хас биирдии ыттаах ыал ыппытыгар дьиэ кэргэн чилиэнин курдук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһа иликпитинэ, ханнык да ыар ирдэбиллэр, хааччахтааһыннар көмөлөһүөхтэрэ суоҕа. Сокуоммут да аата ону этэр – кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан диэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: