Бэйдиэ сылдьар ыттары аттаан, чииптээн баран төттөрү ыытыахтара

Share

Судаарыстыбаннай дуумаҕа бэйдиэ сылдьар ыттар айдааннаах кыһалҕаларын быһааран тураллар. Эрэгийиэннэр бэйдиэ сылдьар ыттарын дьылҕатын бэйэлэрэ быһаарар буолуохтара дуо диэн ыйытыы үгүс киһини долгуппута. Ол эрээри бу боппуруоһу көрүүгэ эрэгийиэннэргэ ыттар дьылҕаларын бэйэлэрэ дьаһайар боломуочуйаны маннык биэрбиттэрэ.

Ханнык да түгэҥҥэ түөрт атахтаах доҕоттору утутар табыллыбат. Ыты иитэр приюттары тутуу, аттааһын уонна чииптээһин оннунан хаалар.  Оттон дьоҥҥо саба түспүт ыттары үйэ саас тухары приютка тутар туһунан быһаарбыттара. Судаарыстыбаннай дуума дьокутаата Галина Данчикова бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларыгар  сыһыаннаан, ыты иитэр хаһаайыттарга эппиэтинэһи улаатыннарар уонна ирдэбили күүһүрдэр уон этиини парламентарийга киллэрбит.

Олорон истэххэ көрүөхпүт, ыт кырата сылга иккитэ төрүүр. Бытарҕан тымныылаах кыһыҥҥа приюттары тутуу Саха сиригэр үгүс үбү-харчыны эрэйэр. Аны кэлэр күһүн бэйдиэ сылдьар хаһаайыннаах, хаһаайына суох ыттар оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ саба түһүүлэрэ тохтуур ини диэн эрэниэҕиҥ. Билигин сайын буолан ыт аҕыйах. Үгүстэр даачаҕа быстах кэмҥэ харабылга, сорохтор тыанан-толоонунан сылдьаллар. Кэлэр күһүн үгүс дьон даачаттан куоракка киириэҕэ, эмиэ бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана элбиэҕэ…

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

55 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

1 час ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

4 часа ago