Бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу үлэтэ судургутуйда

Share

Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата билигин да дьону долгутар. Ол курдук, бу дьыл алтынньы ыйыттан өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйдиэ сылдьар хаһаайына суох ыттары тутууга  пилотнай бырайыак оҥоһуллуоҕа.

Саха сирин бэтэринэриийэтин департамена ыты тутар, ыраастыыр, вакциналыыр уонна көҥүл ыытар үлэни судургутутар соругу туруорда. Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, бэтэринэриийэ департаменын иниспиэктэрдэрэ автоматизированнай үлэ ситимигэр анал үөрэҕи аастылар. Ол курдук, бу бырагыраамаҕа судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр, олохтоох бэйэни салайыныы исписэлиистэрэ уонна ыты тутар пуун үлэһиттэрэ үлэлиэхтэрэ. Урукку өттүгэр бэйдиэ сылдьар ыт ахсаанын учуоттуур үлэ  сурунаал, анал карточка нөҥүө барыта оҥоһуллар эбит буоллаҕына, алтынньыттан  барыта электроннай көрүҥҥэ көһүөҕэ. Бырагыраама бэйдиэ сылдьар хаһаайына суох ыттарга сыһыаннаах бары үлэни, тэрээһини бу нөҥүө хонтуруоллуур буолуоҕа. Бырагырааманы олоххо киллэрии сүрүн биричиинэтинэн, үлэни судургутутуу буолар. Бэйдиэ сылдьар ыты туттараары аны дьон сайаапканы төлөпүөнүнэн эрэ буолбакка, анал мобильнай сыһыарыы нөҥүө түһэрэр буолуохтара. Бу мобильнай сыһыарыыга бэйдиэ сылдьар ыты хаартыскаҕа түһэрэн   ыытыахха сөп. Ону сэргэ, сайаапка ханна тиийбитин анал сыһыарыы нөҥүө кэтээн көрүөххэ сөп буолар.

«Бэйдиэ сылдьар ыттарга киирбит сайаапкалары толоруу иһин олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара эппиэтинэһи сүгүөхтэрэ”, — диэн бэлиэтиир СӨ бэтэринэриийэ департаменын салайааччыта Петр Петров.

Балаҕан ыйын 21-22 күннэригэр маннык анал үөрэҕи олохтоох бэйэни салайыныы исписэлиистэрэ ааһыахтара. Бэлиэтээн эттэххэ, судургу автоматизированнай ситим Томскай, Магадан уобаластарыгар, ону сэргэ Хакасия, Мордовия өрөспүүбүлүкэлэригэр уонна Приморскай кыраайга ситиһиилээхтик үлэлиир.

Бэйдиэ ыттары хонтуруоллуур анал сыһыарыыны  «Агросервис” тэрилтэ оҥорбут. «REGAGRO – поиск животного» сыһыарыыны төлөпүөҥҥэ хачайдыахха сөп. Бу сыһыарыы алтынньыттан  үлэлиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

9 часов ago