Бэйдиэ сылдьар ыттары утутуохтара дуо?
Билигин да бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо суоһууллара уҕараабат. Дьэ бу кыһалҕа хаһан букатыннаахтык быһаарылларын дьон-сэргэ олус күүтэр. Саха сиригэр хаһаайына суох ыттары утутар туһунан сокуон бырайыага Ил Түмэҥҥэ бу ыйга көрүллэрэ биллэр.
Бэйдиэ ыт ахсаана хонтуруолланыахтаах
Ыт саба түһүүтүттэн эмсэҕэлээбэтэх дьон бу кыһалҕаны өйдүүллэрэ, чахчы, уустук буолуо. Дьокуускай куорат киин уулуссаларыгар бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана аҕыйах. Биирдиилээн баар эбит да буоллахтарына, кинилэр дьоҥҥо кыһамматтар. Оттон куорат кытыы уулуссаларыгар, чааһынай секторга бу хартыына атын. Дьокуускайга ыттар саба түһүүлэриттэн киһи өлүүлээх иэдээн тахса илигинэ, дьиэттэн оптуобус тохтобулугар диэри хаамар кытта сэрэхтэммитэ. 2020 сыллаахха киирбит 498-с №-дээх сокуон үлэлиэҕиттэн Арассыыйа үрдүнэн ыттан эмсэҕэлээн өлүүлээх араас иэдээннэр тахсыбыттара. Дойду үрдүнэн билигин алта эрэгийиэн хаһаайына суох ыттары утутар сокуону ылынан олорор. Билиҥҥитэ, сокуон толору күүһүгэр киирэ илик. Саха сирин парламеныгар хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар ыттары утутар туһунан сокуон бырайыага эмиэ оҥоһуллан көрүүгэ барыахтаах. Онно быһаарылларынан, 31 хонук устата бэйдиэ ыт хаһаайына көстүбэтэҕинэ, утутуллар. Бэлиэтээн суруйдахха, 2023 сыллаахха дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрэгийиэннэргэ бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын быһаарарга быраап биэрбитэ.
СЫЫППАРАЛАР
2023 сылга
828
киһи ыкка ытыртарбыт.
Ыты тутар приюкка билигин
983
ыт баар.
Ааспыт сыл түмүгүнэн
1048
ыт өлбүт:
579
– энтериттан,
467
– атын ыттартан эмсэҕэлээн.
Нерюнгригэ ыттар хаһаайынныыллар
Нерюнгри оройуонугар бэйдиэ ыт кыһалҕата сытыытык турар. Нерюнгри куорат олохтооҕо Галина Владимировна норуот дьокутаата Александр Кошуковка үөрүнэн сылдьар бэйдиэ ыттар кини 11 cаастаах оҕотугар саба түспүттэрин туһунан суруйбута. Оҕо оскуолаҕа дьарыгын кэнниттэн оптуобус тохтобулугар хааман истэҕинэ, ыттар саба түспүттэр, ытырбыттар. Эмсэҕэлээбит оҕо ый аҥаара эмтэниини ааспыт, ону сэргэ уйулҕа өттүнэн улахан охсууну ылбыт. Норуот дьокутаата Александр Кошуков 498-с №-дээх Федеральнай сокуон дьону-сэргэни, оҕолору сатаан көмүскүүр кыаҕа суоҕун туһунан этэр. «Бэйдиэ сылдьар ыт сокуон иннигэр эппиэттиир кыаҕа суох. Дьон эмсэҕэлиир, маннык буолуо суохтаах. Биһиги тыйыс айылҕалаах эрэгийиэммитигэр бу сокуон сөп түбэспэтэ өссө төгүл дакаастанна. Төһө даҕаны кыыллары аһыммыппыт иһин, өскөтүн, тыатааҕы дуу, бөрө дуу нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киирдэҕинэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталынан суоһуур. Бэйдиэ сылдьар ыттар эмиэ ол кэриэтэ буолаллар», – диэн этэр кини.
Бурятияҕа балаһыанньа хайдаҕый?
Бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо-сэргэҕэ саба түһүүлэриттэн сылтаан, Бурятия Норуодунай Хурала хаһаайына суох ыттары утутар туһунан сокуону ылыммыта. Дойду үрдүнэн бу быһаарыныыны ылыммыт бастакы эрэгийиэн буолар.
Бурятия бэтэринээрийэтин управлениетын салайааччыта Амгалан Дармаевка эрийэн ыйыталаспыппытыгар: “Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйдиэ сылдьар ыттары тутар биэс приют үлэлиир. Тутан аттаан, чииптээн баран, икки ый устата приюкка тутабыт. Бу кэм устата хаһаайына кэлэн ылбатаҕына, эбэтэр саҥа хаһаайын көстүбэтэҕинэ, көҥүл ыытыллар. Тоҕо диэтэххэ, хаһаайыннаах ыт дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрэммит диэн буолар. Оттон төрүкү хаһаайына суох уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар ыттарга хаһаайын көстүбэтэҕинэ, приюкка иитиллэ хаалла. Бу ыттары приют бэйэтин суотугар үйэ-саас тухары иитэр. Хаһаайына суох ыттары утутар туһунан сокуон үлэтэ билиҥҥи туругунан тохтоон турар. Онон салгыы 498-c №-дээх сокуоҥҥа Конституционнай суут быһаарыытын күүтэбит”, – диэн санаатын үллэһиннэ.
Үгүс эрэгийиэҥҥэ утутар туһунан сокуону ылыннылар эрээри…
Екатерина Рукавишникова, приют салайааччыта санаатын үллэһиннэ:
– Билигин 983 ыт баар. Ааспыт сылга, уопсайа приюппутугар 1048 ыт өлбүтэ – энтериттаан 579 ыт оҕото уонна кыараҕас вольерга охсуһан, 467 ыт. Бу сыл үс ыйыгар ыт өлүүтүн ахсаана намыһах. Ааспыт сылтан кыра-кыралаан куорат кытыы уулуссаларыгар көҥүл ыыталаан саҕалаабыппыт. Ол эрээри сорохтор төттөрү тиийэн кэлбиттэрэ. Үгүс хаһаайын ытын көрдөөн кэлэр. Көҥүл ыытан кэбиһэллэр, биһиги тутан аҕалабыт. Ыты приюкка көрүү күннээҕи ороскуота 350 cолк. Хас күн турбутунан кэлэн төлөөн баран ыттарын илдьэ бараллар. Сорохтор ороскуотун кыайан уйуммаппыт диэн ыттарын хаалларар да түгэннэрэ баар. Бэйдиэ сылдьар ыттары, хаһаайына көстүбэтэҕинэ, 31-c күнүгэр утутуу туһунан Ил Түмэн дьокутааттара ылынаары гынар сокуоннарын бырайыага Гражданскай кодексаны кэһии дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн, хаһаайын ытын ирдэһэн кэлбитэ, арай, номнуо утутан кэбиспиттэр. Сууттастаҕына, кыайыан сөп. Үгүс эрэгийиэннэр утутар сокуону ылыннылар диэн суруйаллар, ол эрээри билигин ити тула сууттаһыы бөҕөтө буола турар. Биһиги тустаах эрэгийиэннэри кытта сибээһи тута олоробут.
Түмүк
Үөһээ этэн аһарбыппыт курдук, биһиги эрэгийиэммитигэр хаһаайына суох ыттары утутар сокуон бырайыагын көрүү бу ыйга буолуохтаах. Онон бу туһунан салгыы сырдатыахпыт.
Манна даҕатан эттэххэ
Ааспыт сыл көрдөрүүтүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 828 киһи ыкка ытыртарбыт. Ол эрээри мантан төһөтө хаһаайыннаах, төһөтө бэйдиэ ыт буолара биллибэт. Билигин ыттар «Помоги выжить» приюкка тураллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: