Бэйдиэ ыт кыһалҕатын эрэгийиэн бэйэтэ быһаарыахтаах

Share

«Бэйдиэ ыт кыһалҕатын эрэгийиэн бэйэтэ быһаарыахтаах. Бу ааспыт кыһын туһунан этэр буоллахха, бэйдиэ ыттары тутар сулууспалар бэркэ үлэлээтилэр, ол эрээри эппиэтинэһэ суох хаһаайыттартан бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана аччаабат», — диэн бүгүн, муус устар 26 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.

— Бастатан туран оҕо-аймах, дьон-сэргэ доруобуйата уонна кинилэр олохторо инники күөҥҥэ тутуллуохтаах. Биһиги тыйыс усулуобуйалаах эрэгийиэммитигэр бэйдиэ сылдьар ыттары иитэр, тутар питомниктары көрүү-истии элбэх үбү-харчыны эрэйэр. Ону таһынан, Дьокуускайга, Жатайга ыттар дьоҥҥо, оҕолорго саба түһүүлэрэ хаста даҕаны бэлиэтэннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, ити чииптэммит, ыраастаммыт ыттар буолаллар. Онон тутуу, аттааһын уонна көҥүл ыытыы ыты киһини ытырбат оҥорон кэбиспэт. Сокуон биһиги өрөспүбүлүкэбитигэр сөп түбэспэт. Маны сэргэ, ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа бүрүсүлүөскэ уорбаланар ыттары хаттаан анаалыстыахха наада. Быйыл кыһын бэйдиэ ыттары тутар сулууспа бэркэ үлэлээтэ диэн этиэм этэ, ол эрээри син биир хаһаайыннаах, бэйдиэ сылдьар ыттар оҕолорго, дьоҥҥо саба түһэллэр.  Эппиэтинэһэ суох хаһаайыттартан ыт ахсаана күн ахсын элбии турар. Онон сокуоҥҥа тирэҕирэн, кыылга амарах сыһыаны олохтуур туһуттан эрэгийиэн бу кыһалҕаны бэйэтэ быһаарыахтаах, — диэн Ил Дархан эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago