Бэйдиэ ыттары дьиикэй кыылга тэҥнииргэ туруорсаллар
Башкирия парламена бэйдиэ сылдьар ыттары дьиикэй кыылга тэҥниир туһунан этиини эрэгийиэн курултайыгар киллэрбит.
«Өскөтүн, хаһаайыннаах ыттар кэм көрүүгэ сылдьар эбит буоллахтарына, бэйдиэ ыттар көҥүл бардахтарына, дьиҥ айылҕалара уһуктар, адьырҕатыйаллар. Нэһилиэнньэлээх пууннартан тэйиччи сылдьар бэйдиэ ыт ахсаанын аччатар сыалтан бу боппуруоһу көтөҕөбүт » диэн эрэгийиэн парламенын пресс-сулууспатын бэрэссэдээтэлэ Константин Толкачев бэлиэтээбит. Кини этэринэн, 2020 сылтан үлэлиир «Кыылларга амарах сыһыан “ туһунан сокуон балаһыанньаны быыһаабат буолбут.
«Тыаҕа, куорат таһыгар бэйдиэ сылдьар ыттар аһары элбээн кыыллыйдылар, адьырҕатыйан бардылар. Үөрүнэн сылдьан тайахтарга, табаларга саба түһэллэр. 2020 сылтан кыыллыйбыт ыттар икки тайаҕы уонна 38 туртаһы туппуттара. Кинилэр бөрөтүйэн, тыа кыылын майгытын-сигилитин ылынан, оннооҕор дьиэ кыылларыгар саба түспүт түгэннэрэ баар. Инньэ гынан олохтоох дьон хаһаайыстыбатыгар элбэх хоромньуну оҥороллор. Бу сыл устата бэйдиэ ыттар уонча барааны тутан сиэбиттэрэ, аҕыһы бааһырдыбыттара. Дьон олоҕор кутталлаахтар», — диир Константин Толкачев.
2020 сылга диэри бэйдиэ ыт ахсаанын сөбүгэр тутар урукку көрүҥҥэ төннүөххэ сөбүн туһунан дьокутааттар этии көтөҕөллөр. Тоҕо диэтэххэ, бэйдиэ ыт аһары элбээһинэ булт хаһаайыстыбаларыгар, кыыл-сүөл үөскүүрүгэр эмиэ улахан охсууну оҥорорэ бэлиэтэнэр. Манна да5атан эттэххэ, биһиэхэ, Саха сиригэр, бэйдиэ ыт кыһалҕата Башкирияттан итэҕэһэ суох турар. Ол курдук, оннооҕор Тааттаҕа былырыын ойбоҥҥо уулуу баран иһэр торбоһу ыттар тыыннаахтыы тутан сиэбит ынырык видеолара социальнай ситимҥэ тарҕаммыта. Маныаха майгынныыр түгэннэр элбэхтэр. Саҥа дьыл иннинэ Дьокуускай куорат ипподромугар киһи өлүүлээх иэдээн тахсыбыта. Мин саныахпар, бэйдиэ ыттар үөрүнэн көҥүл сылдьыылара адьырҕа кыылга тэҥнээх. Тыйыс, тымныы усулуобуйаҕа ас көрдөөн чахчы да адьырҕатыйаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: