Бэйдиэ ыттары утутар сокуону эрэгийиэннэр ылынан эрэллэр

Share

Арассыыйа өссө биир эрэгийиэнигэр бэйдиэ сылдьар ыттары утутар сокуону ылынан эрэллэр.

Ол курдук, Магадан баһылыга Юрий Гришан  эрэгийиэн сокуонугар уларытыылары бэлэмниир туһунан дьаһайбыт. Бу туһунан кини ТГ ханаалга суруйбут.

Бу сыл  тохсунньуга мэр суруйарынан, ыттар саба түһүүлэриттэн 18 киһи эмсэҕэлээбит. Онон, уопсастыбаҕа кутталынан суоһуур,  хаһаайына суох ыттары утутар туһунан миэрэлэр наадаларын ыйбыт. Арассыыйа үрдүнэн бу кыһалҕа сытыырхайбыта ыраатта. Эрэгийиэннэр кыһалҕаны быһаарар, дьону, оҕолору көмүскүүр туһуттан ыксаан кытаанах миэрэлэри ылыммыттара. Чукоткаҕа, Алтайскай уонна Забайкальскай кыраайдарга, ону сэргэ Астрахань уобалаһыгар бэйдиэ сылдьар ыттары утутар миэрэлэр ылыллыбыттара. Биир бастакынан бэйдиэ сылдьар, кутталынан суоһуур хаһаайына суох ыттары утутар сокуону Бурятия ылыммыта. Биһиги саайтпыт Бурятия бэтэринээрийэтин управлениетын салайааччы Амгалан Дармаевы кытта сибээскэ тахсан бу туһунан сиһилии суруйан турабыт. Бэлиэтээн суруйдахха, бу сокуону ылыммыт эрэгийиэннэргэ бэйдиэ сылдьар ыттартан сылтаан киһи өлүүлээх иэдээннэр тахсыбыттара. Киһи олоҕо дуу, ыт олоҕо дуу?

What’s your Reaction?
+1
52
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago