Бэйэ дьарыктаах дьон ахсаана икки төгүл элбээтэ

Share

Бэйэ дьарыктаах дьон ахсаана икки төгүл элбээтэ. Сүрүннээн өрөмүөҥҥэ, массыынаны оҥорорго, таһаҕаһы, дьону тиэйиигэ уонна оҥорон таһаарыыга атыы-эргиэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы курдук хайысхаларга үлэлииллэр.

2022 сыл бүтүүтэ Саха сиригэр 29,8 тыһыынча бэйэ дьарыктаах дьон баар. 2020 сыллаахха ахсааннара 4,9 тыһыынча, 2021 сыллаахха 16 тыһыынча киһи этэ.

Саха сиригэр 2021 сылтан бэйэ дьарыктаах дьону өйүүр бырагыраама үлэлиир. Урут урбаанньыттар, тэрилтэлэрэ эрэ ылар көмө миэрэлэрин кинилэр ылар кыахтаахтар. “Мой бизнес” киин нөҥүө сүбэ-ама ылаллар, үөрэнэллэр, үп-харчы өттүнэн көмөнү туталлар.

Бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо Урбааны сайыннарыы пуондата чэпчэтиилээх иэс биэрэр. 30 тыһыынча солкуобайтан 1 мөлүйүөҥҥэ диэри 4-8%-наах кирэдьиити ылан, биисинэстэрин сайыннарыахтарын сөп. Туох да мэктиэтэ (солуога) суох буоллахтарына, 8%-наах буолар. Сүрүннээн 4%-нааҕы ылаллар.

“Мой бизнес” киин өҥөтүнэн 2022 сылга 3 тыһынчаттан тахса бэйэ дьарыктаах дьон туһаммыт. 150 киһиэхэ биисинэс-былаан оҥорорго, реклама таһаарарга, быыстапка-дьаарбаҥкаларга кыттарга, о.д.а. көмө оҥоһуллубут.

Сиһилии Мойбизнес14.рф саайтка билсиэххэ сөп.

СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Дарханын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago