Бэйэ дьарыктаах дьон оҕолоругар босуобуйа ананыыта
Бэйэ дьарыктаах (самозанятый) дьон оҕолоругар биир кэлим босуобуйа хайдах ананарый? Бу боппуруоска Социальнай пуонда исписэлииһэ Сардаана Ефимова хоруйдуур.
2023 сыл ахсынньы 1 күнүттэн бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо биир кэлим босуобуйаны аныырга уларыйыы киирбитэ. Бу уларыйыы быһыытынан, дохуот суумата 12 ый устата икки МРОТ-тан (үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн) кырата суох буолуохтаах.
Маны суоттуурга оройуоннай коэффициены эппэккэ, федеральнай МРОТ-у туһаналлар. 2024 сылга Арассыыйаҕа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 19 242 солкуобай, ол эбэтэр, икки төгүл ыллахха, 38 484 солкуобай буолар.
Өскөтүн бэйэ дьарыктаах буолуу статуһа сорох ыйга эрэ баар буоллаҕына, дохуот муҥутуур кыра суумата маннык ааҕыллар:
Дохуот муҥутуур кыра суумата = 2 МРОТ/хас ыйга суоттанара.
Холобур, бу суоттанар кэмигэр бэйэ дьарыктаах буолуу статуһа 1 ыйга эрэ баар буоллаҕына, дохуот суумата 3207 солкуобай буолуохтаах. 2 ыйга бэйэ дьарыктаах статуһа баар буоллаҕына, дохуот суумата 6414 солкуобай буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: