Салгыы
“Бэйэ доруобуйатыгар айан”. Уочарата суох көрдөрүнүөхтэрэ

“Бэйэ доруобуйатыгар айан”. Уочарата суох көрдөрүнүөхтэрэ

08.10.2024, 18:15
Хаартыска: РБ 2
Бөлөххө киир:

Алтынньы 19 күнүттэн Саха сиригэр доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолордоох төрөппүттэр “от күөх көрүдүөр” кылгатыллыбыт көрүҥүнэн босхо мэдиссиинэ чинчийиилэригэр кыттыахтарын сөп.

“Бэйэ доруобуйатыгар айан” аахсыйа сэтинньи 9 күнүгэр диэри салҕаныаҕа. Мэдиссиинэ чинчийиилэрэ хас субуота аайы буолуохтара. Тэрийээччилэр – СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ уонна Инбэлиит оҕолор төрөппүттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрилтэлэрин (ВОРДИ) эрэгийиэннээҕи отделениета.

Эрэгийиэннээҕи отделение бэрэссэдээтэлэ Алеся Кондратьева эппитинэн, маннык аахсыйа аан бастаан икки сыл анараа өттүгэр саҕаламмыта. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох үгүс төрөппүт бэйэтин доруобуйатын куруук көрдөрүнэ сылдьар кыаҕа да, бириэмэтэ да суох. Ол иһин маннык көҕүлээһини улаханнык сэҥээрбиттэрэ.

«Биһиги эрэгийиэммит бу үөрүйэҕин федеральнай таһымҥа билиһиннэрбиппит. Биһиги СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиибит, онон сүрүннүүр исписэлиистэртэн сүбэни-аманы түргэнник ылар кыахтаахпыт”, — диэтэ Алеся Кондратьева.

Мэдиссиинэ чинчийиилэригэр ВОРДИ Саха сиринээҕи отделениетын нөҥүө суруйтарыахха сөп. Бастакы тэрээһин Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинискэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр ыытыллыаҕа.

Санатан эттэххэ, маннык аахсыйа Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ленскэй, Алдан уонна Мииринэй улуустарыгар тэриллибитэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: