Бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылар быыстапкаҕа күннээтилэр
Киин куорат Хомсомуол болуоссатыгар Арассыыйа урбаанньыттарын күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт үс күннээх «Якутск купеческий» пуорум-дьаарбаҥка буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар саха таҥаһыттан саҕалаан, араас мас оҥоһук, үүнээйи, оҕуруот аһын арассаадатыгар тиийэ быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттыыны ыллылар.
Биэс шатер-балааккаҕа бары батан, араас тэрилтэлэр, улуустартан кэлбит олохтоох маастардар бэйэлэрин бородууксуйаларын атыылаатылар.
Төһө да үһүс күнүн ыытылыннар, быыстапка кыттааччыта да, көрөөччүтэ да элбэх.
Атыы-тутуу көхтөөхтүк барда. Араас улуустартан кэлбит дьон бэркэ астынан тарҕастылар.
Амма Абаҕатыттан төрүттээх аатырбыт Александр Попов-Лаачаан Уус 19 лиитэрэлээх иһэр уу бытыылкатыттан оҥорбут оҥоһуктара үгүс киһи болҕомтотун тартылар.
Уу иһититтэн туох оҥоһук суоҕуй диэх курдук: мас кыстыыр суумка, бөх тоҕор көлүөһэлээх дьиэтээҕи «тэлиэгэ», сир астыыр иһит…
Көрөн турдахпытына, Лаачаан табаара үксэ атыыга хамаҕатык барда. Саха сатаабатаҕа суох диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Александр Иванович тэрээһини олус астыммыт. «Миигин бу быыстапкаҕа кыттарбар анаан ыҥырбыттара. Онон араас оҥоһугу оҥорон таһаарар киһи бэйэтин үлэлэрин дьоҥҥо киэҥник тарҕатар, көрдөрөр биирдиилээн маастардары бииргэ түмэр маннык тэрээһин олус наада», — диэн бэлиэтиир Лаачаан Уус.
Ити курдук, өрөбүл күннэрин бэйэ дьыалатынан дьарыктанар үгүс киһи умнуллубаттык атаарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: