Бэйэ көҕүлээһининэн — баанньык

Бэйэ көҕүлээһининэн — баанньык

17.11.2024, 14:30
Хаартыска - Полина Скрябина тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга бэйэ көҕүлээһинин (ППМИ) бырагырааматын чэрчитинэн Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр үгүс үлэ барда.

Бу туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Полина Скрябина санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Нэһилиэкпит 100% электричество уотунан сырдатылынна. Уу турбатын тартыбыт, суол оҥоһулунна. Онон бу маннык быргыраама баар буолан, нэһилиэкпит биллэ тубуста.  Аны 2023 сылга уу баһар массыынаҕа «киирсибиппит», ол билигин кэлэн сүүрэ сылдьар. 2024 сылга толору хааччыллыылаах бэртээхэй баанньыктанныбыт. 

Нэһилиэкпитигэр 7  уордьаннаах дьоммут үлэлэрэ чиэстэнэн, кинилэрг анал искибиэр ананан тутулунна. 2025 сылга  сорох  уулуссаларга уу турбаларын пластик турбаларга уларытыы куоластааһын түмүгүнэн кыайда. Онон ол эмиэ киириэ диэн эрэнэ күүтэбит. Бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматын олоххо киллэрэр СӨ Үп министиэристибэтигэр  тыа сирин олохтоохторо барҕа махталбытын тиэрдэбит. 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: