Бэйэбит аспыт-үөлбүт дэлэйэрин туһугар
Бэҕэһээ СӨ Ил Дарханын Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитэ буолла. Хоту дойду дьоно, төһө да ыраах олордоллор, бу этии тула санааларын үллэстэллэр.
Марина Николаева, Өлөөн улууһун “Өлөөн” МУП зоотехнига:
— Ил Дархаммыт тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаан этиитигэр тохтоотоххо, урут бу бэлиитикэ эмиэ туттулла сылдьыбыта. Мин санаабар, манна хас биирдии улуус баһылыгыттан, кини хайдах өйдүүрүттэн тутулуктаах буолуоҕа. Баһылык тыа хаһаайыстыбата сүрдээх улахан суолталааҕын чахчы өйдүүр буоллаҕына, сайдыы барыаҕа.
Тыа сиригэр дьону бигэтик өйөөн, үлэ-хамнас киһиэхэ бэйэтин убаастанар гына хамнастаан, төлөнөр буолара ситиһиллиннэҕинэ, Сахабыт сирин силиһэ модьуруо, иннин диэки эрэллээхтик сайдан олоруо этибит. Бэйэтин иннин көрүнэр омук аһын-үөлүн бэйэтин илиитинэн көрөн-харайан олорор. Бэйэ аһа айылҕаттан тустаах олорор сиригэр анаммыт буолан, омук бэйэтин харыстанарыгар, үөскүүрүгэр көмөлөһөр.
Тыа сиригэр дьон олохсуйан, эдэр ыччат төннөн, төрөөбүт сиригэр-уотугар үлэлээтэҕинэ, сирбитин-уоппутун тутан, баһылаан олоруохпут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: