Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн иһитиннэрэр Холбоһуктаах авианы тутар корпорация (ОАК).
Туга барыта дойду оҥоһуктарынан уларытыллыбыт Ту-214 сөмөлүөтү бастаан Казаннааҕы авиационнай собуот аэродромугар көтүтэн көрдүлэр. Сөмөлүөтү 1 чаас 10 мүн. устата “Туполев” АУо экипааһа көтүттэ. Ол кэнниттэн бортовой оборудованиетын уонна систиэмэтин бэрэбиэркэлээтилэр.
“Бу сөмөлүөт баазатыгар салгыы бэрэбиэркэлиир көтүүлэри оҥоруохпут, өссө саҥардан, сайыннаран иһиэхпит”, — диэтэ “Туполев” АУо управляющай дириэктэрэ, ОАК генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Константин Тимофеев. 2015 сылтан бу сөмөлүөт көтөн бүтэн, харайыыга ыытыллыбыта. Быйыл бэс ыйыгар саҥаттан көтүтэн, от ыйыгар Минскэйдээҕи собуокка кырааскаҕа ыыппыттара, ол кэннэ төнүннэрэн салгыы оҥорон, уларытан биэрбиттэрэ.
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр S7 Airlines авиахампаанньа ОАК кытары 100 тупсарыллыбыт дьону таһар Ту-214 сөмөлүөтү оҥорон биэрэллэригэр меморандумҥа илии баттаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: