Салгыы
Бэйэбитин хайдах көрүнэбит?

Бэйэбитин хайдах көрүнэбит?

18.05.2024, 18:00
https://pxhere.com/
Бөлөххө киир:

Самаан сайыны көрсө дьон үксэ, сааһыттан тутулуга суох тупсуон, чэгиэнник, кэрэтик көстүөн баҕарар. Уойбут киһи бэйэтин сааһыттан хаһан баҕарар саастаах курдук көстөр. Моҕохтонор, илиитэ-атаҕа сонуур. Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, киһи хаһан баҕарар ырыан, тупсуон сөп.

Уйулҕа өттүнэн бэлэм буол

Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтиил­лэринэн, синньиэн, тупсуон баҕарар киһи бас­таан бэйэтин ис эйгэтин, санаатын сааһыланыахтаах эбит. Кини уйулҕа өттүнэн бэлэмэ суох буоллаҕына, ырарга сананыыта тыл эрэ минньитиитэ буолан хаалыан сөп. Өскөтүн, киһи үрдүгэ 165-кэ тиийэр эбэтэр онтон кыра эрээри, ыйааһына 70-ча кг буоллаҕына, бу киһи хайаан да бэйэтин доруобуйатын туһугар үлэлэһиэх­тээх. Синньигэс, ырыган буолуу тас көрүҥҥэ эрэ буол­бакка, доруобу­йаҕа эмиэ улахан суолта­лаах. Эттээх киһи мөдөөн, түргэнник сыла­йымтыа, олоҕунан астыммат буолар. Туох да таҥас барсыбатыттан, сөп түбэспэтиттэн өрүү киэҥи кэтэр. Синньигэс быһыылаах дьоҥҥо ымсыыра саныыр, ол эрээри тупсар туһугар тугу даҕаны гыммат. Истириэһин минньигэһи аһаан эбэтэр тэлэбиисэр иннигэр сытан аһарынар.

Тас көрүҥэр кыһаммат киһи, дьон киниэхэ сыһыаныгар кэлин эмиэ кыһаммат буолар дииллэр исписэлиистэр. Бэйэ бодотун тардыныы тас көрүҥҥэ эмиэ сыһыаннааҕын умнумаҥ.

Аһылык элбэҕи быһаарар

Физкултуура уонна ус­­пуорт эйгэтин үлэһиттэрэ быһааралларынан, киһиэхэ улахан дьа­йыыны күүстээх успуорт эрэ буолбакка, аһылык эмиэ оҥорор. Ол курдук синньи­гэс буолуу 80 %-на аһылыктан турарын ыйаллар. Өскөтүн, элбэҕи уонна калорий­дааҕы аһыы-аһыы күн да ахсын тахсан биэс­тии-уоннуу км сүүрдэххинэ даҕаны, синньии­риҥ уустугурар эбит. Киһи 30 сааһыгар диэри нэдиэлэ устата аһын туттунан, хааман, сүүрэн син­ньиир буоллаҕына, 35 саас кэннэ метаболизм бытааран уустугурар. 40 саас кэннэ синньииргэ турунуу икки төгүл бытаарар. Аһы тутуһуунан эрэ муҥурдаммакка, нэдиэлэҕэ түөртэ ус­­пуордунан дьарыктаныы (сүүрүү, тренажернай саалаҕа сылдьыы) көмөлөһөр. Ол эрээри үлэ, дьиэ-уот кыһалҕатыгар ыктаран, 40 саастарын ааспыт кэрэ аҥаардар бириэ­мэлэрин сатаан аттарынан успуорт саалаҕа тиийэллэрэ ахсаан­наах. Оччотугар хайдах синньиибит уонна тупсабыт. Аһылыгы туттунуу диэн хайаан да аччык­тааһын буолбатаҕын өйдүөхтээххин. Чэй, кофе оннугар мүлүгүр ууга көһүөхтээххин. Орто саас­таах киһи бурдук аһы сиирин биллэ аччатыахтаах. Күнүс иккигэ эрэ диэри килиэ­би, о.д.а бурдук аһы кыраны сиэхтээх. Сарсыардааҥҥы уонна күнүскү аһылык толору уонна битэмииннээх буолуохтаах. Киэһээҥҥи аһылыкка аччыктаабат эрэ гына кыраны аһыахтаах. Ол эбэтэр 200 гр элбэҕэ суох торуой, эт, балык, оҕу­руот аһа, фрукта. Төһө даҕаны синньииргэ туруммут буолларгын, эн аччыктыа суохтаах­хын. Күнүскү өттүгэр иккилии чаас буола-буола кыра-кыратык аһыыр ордук. Аһылык икки арда түөрт-алта чаас буол­лаҕына, туттуммакка тоҕо түһүөххүн сөп. Иккиһинэн, төһөнү уонна тугу аһыыргын учуоттууруҥ наада. Урукку өттүгэр тэриэлкэ муҥунан өрөһөлүү куттар буоллаххына, ити түөрт гыммыт биирин сиэхтээххин. Ол эрээри бэ­­йэҕин аһары хааччахтаан эрэйдиэ суохтааххын. Халбаһылаах килиэп, торт сиэххин баҕарар буоллаххына, күнүскү өттүгэр көҥүллэнэр.

Битэмиин уонна элбэх уу

Үгүс киһи утаппытын уонна аччыктаабытын бутуйар эбит. Киһи күҥҥэ балтараа лиитирэ ууну иһиэхтээх. Элбэх ууну иһэр киһи иммунитета күүһүрэр. Сирэйин тириитэ синньиири кытта түһэн, ыйанан хаалбат эбит. Онон синньииргэ туруммут киһи аһылыгын кыччатар уонна иһэр уутун элбэтэр. Киһи уйулҕа өттүнэн бэлэм буоллаҕына, аска мээнэ саба түспэт буолар. Аһылыгы сэниэ биэрэр битэмиин курдук ылыныы туһалаах. Кыраны аһыыр киһи өрүү сэниэлээх буолар. Ол кэриэтин аччыктаабат гына эриэхэ, дьаабылыка, киви, банан сиэххэ сөп. Оттон киэһэ алта чаас кэннэ, виноград, банан, манго сиир туһаны аҕалбат. Бу фрукталар киһини уотуохтарын сөбүн умнума. Синньииргэ туруммут киһи бэйэтин сааһыгар сөптөөх битэмииннэри иһиэхтээх. Йодомарин, Д, С уонна В бөлөх  битэмииннэрэ суох синньииргэ турунар уустуктардаах. Тоҕо диэтэххэ, аскын аччатан, физическэй ноҕуруус­каҕын үрдэппит кэмҥэр битэмииннэр эрэ көмөлөһөр кыахтаахтар. Битэмиинэ тиийэр киһи мээнэ элбэҕи аһаабат.

5 км хаамыллыахтаах

Бастакы нэдиэлэ хаһан баҕарар уустук буолар. Аһылыккын туттунан, таһыр­дьа салгыҥҥа хааман, сүүрэн саҕалаабытыҥ бастакы нэдиэ­лэтигэр эт-сиин мунньуллубут уута көҕүрүүр. Иккис нэдиэлэҕэ салгыы аһы туттунан, элбэхтик салгыҥҥа сылдьан, этиҥ-сииниҥ кыайар хамсаныыларын оҥорор буол­лаххына, ыйааһыныҥ сыыйа түһэн барар. Үһүс нэдиэлэттэн бастакы хамсааһыннар саҕаланаллар. Бастаан искинэн, бууккунан, саамай кэлин илиилэриҥ синньииллэр. Бу быыһык кэмҥэ тоҕо түһэн аһаан кэбиспэтэххинэ, саҕалаабыт дьыалаҥ ситиһиилээх буолар дииллэр. Киһи күҥҥэ 5 км курдугу ха­­йаан да хаамыахтаах эбит. Атах таҥаһа табыгастаах буол­лаҕына, киһи сиһэ, сүһүөҕэ ыалдьыа суохтаах. Хааман, ус­­пуордунан дьарыктанан кэлбит киһи тута тымныы ууну иһэрэ, аһыыра доруобуйатыгар ох­­суон сөп. Онон арыый уоскуйан баран, куртах чэпчэкитик буһарар аһылыгын сиир ордук.

Биир үрүүмкэ аһыы утах 45  күн устата эккэ-сииҥҥэ иҥэр

Үгүс киһи санааҕа ыллардаҕына, мээнэ аһыан сөп. Бу көстүү ордук тымныы айылҕалаах сиргэ олорор дьоҥҥо бэлиэтэнэр эбит. Санааҥ түстэҕинэ, сылаас үүттээх чэйи кытта бэчиэнньэ, сакалаат сиэн киһи көхсө кэҥээбэтин өйдүөхтээххин. Истириэстэн киһини айылҕа, салгыҥҥа сылдьыы уонна успуордунан дьарыктаныы өрүһүйэр диэн ус­­пуорт эйгэтин үлэһиттэрэ бэлиэ­тииллэр. Маныаха, аһыы утаҕы иһии эмиэ киирэр. Хомойуох иһин, биир үрүүмкэ аһыы утах киһи этигэр-­сиинигэр 45 хонук устата иҥэн сылдьар эбит. Ити тэҥэ, бурдук ас, мокоруон, ириис, хортуоппуй эмиэ киһи куртаҕар ыараханнык дьайаллар. Оччотугар тугу сиибит? Киһи рационугар күн ахсын элбэх белоктаах аһылык баар буолуохтаах. Углеводу сааһыран истэх ахсын аччатар наада. Ол кэриэтин клетчаткалаах аһылык элбиэхтээх. Өйгүнэн-санааҕынан бэйэҕин кыайдаххына, күннээҕи эрэ­сиими тутустаххына, уугун ханар, салгыҥҥа үгүстүк сылдьар буоллаххына, уойар кыһалҕаттан быыһанар кыахтааххын.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: