Самаан сайыны көрсө дьон үксэ, сааһыттан тутулуга суох тупсуон, чэгиэнник, кэрэтик көстүөн баҕарар. Уойбут киһи бэйэтин сааһыттан хаһан баҕарар саастаах курдук көстөр. Моҕохтонор, илиитэ-атаҕа сонуур. Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, киһи хаһан баҕарар ырыан, тупсуон сөп.
Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, синньиэн, тупсуон баҕарар киһи бастаан бэйэтин ис эйгэтин, санаатын сааһыланыахтаах эбит. Кини уйулҕа өттүнэн бэлэмэ суох буоллаҕына, ырарга сананыыта тыл эрэ минньитиитэ буолан хаалыан сөп. Өскөтүн, киһи үрдүгэ 165-кэ тиийэр эбэтэр онтон кыра эрээри, ыйааһына 70-ча кг буоллаҕына, бу киһи хайаан да бэйэтин доруобуйатын туһугар үлэлэһиэхтээх. Синньигэс, ырыган буолуу тас көрүҥҥэ эрэ буолбакка, доруобуйаҕа эмиэ улахан суолталаах. Эттээх киһи мөдөөн, түргэнник сылайымтыа, олоҕунан астыммат буолар. Туох да таҥас барсыбатыттан, сөп түбэспэтиттэн өрүү киэҥи кэтэр. Синньигэс быһыылаах дьоҥҥо ымсыыра саныыр, ол эрээри тупсар туһугар тугу даҕаны гыммат. Истириэһин минньигэһи аһаан эбэтэр тэлэбиисэр иннигэр сытан аһарынар.
Тас көрүҥэр кыһаммат киһи, дьон киниэхэ сыһыаныгар кэлин эмиэ кыһаммат буолар дииллэр исписэлиистэр. Бэйэ бодотун тардыныы тас көрүҥҥэ эмиэ сыһыаннааҕын умнумаҥ.
Физкултуура уонна успуорт эйгэтин үлэһиттэрэ быһааралларынан, киһиэхэ улахан дьайыыны күүстээх успуорт эрэ буолбакка, аһылык эмиэ оҥорор. Ол курдук синньигэс буолуу 80 %-на аһылыктан турарын ыйаллар. Өскөтүн, элбэҕи уонна калорийдааҕы аһыы-аһыы күн да ахсын тахсан биэстии-уоннуу км сүүрдэххинэ даҕаны, синньиириҥ уустугурар эбит. Киһи 30 сааһыгар диэри нэдиэлэ устата аһын туттунан, хааман, сүүрэн синньиир буоллаҕына, 35 саас кэннэ метаболизм бытааран уустугурар. 40 саас кэннэ синньииргэ турунуу икки төгүл бытаарар. Аһы тутуһуунан эрэ муҥурдаммакка, нэдиэлэҕэ түөртэ успуордунан дьарыктаныы (сүүрүү, тренажернай саалаҕа сылдьыы) көмөлөһөр. Ол эрээри үлэ, дьиэ-уот кыһалҕатыгар ыктаран, 40 саастарын ааспыт кэрэ аҥаардар бириэмэлэрин сатаан аттарынан успуорт саалаҕа тиийэллэрэ ахсааннаах. Оччотугар хайдах синньиибит уонна тупсабыт. Аһылыгы туттунуу диэн хайаан да аччыктааһын буолбатаҕын өйдүөхтээххин. Чэй, кофе оннугар мүлүгүр ууга көһүөхтээххин. Орто саастаах киһи бурдук аһы сиирин биллэ аччатыахтаах. Күнүс иккигэ эрэ диэри килиэби, о.д.а бурдук аһы кыраны сиэхтээх. Сарсыардааҥҥы уонна күнүскү аһылык толору уонна битэмииннээх буолуохтаах. Киэһээҥҥи аһылыкка аччыктаабат эрэ гына кыраны аһыахтаах. Ол эбэтэр 200 гр элбэҕэ суох торуой, эт, балык, оҕуруот аһа, фрукта. Төһө даҕаны синньииргэ туруммут буолларгын, эн аччыктыа суохтааххын. Күнүскү өттүгэр иккилии чаас буола-буола кыра-кыратык аһыыр ордук. Аһылык икки арда түөрт-алта чаас буоллаҕына, туттуммакка тоҕо түһүөххүн сөп. Иккиһинэн, төһөнү уонна тугу аһыыргын учуоттууруҥ наада. Урукку өттүгэр тэриэлкэ муҥунан өрөһөлүү куттар буоллаххына, ити түөрт гыммыт биирин сиэхтээххин. Ол эрээри бэйэҕин аһары хааччахтаан эрэйдиэ суохтааххын. Халбаһылаах килиэп, торт сиэххин баҕарар буоллаххына, күнүскү өттүгэр көҥүллэнэр.
Үгүс киһи утаппытын уонна аччыктаабытын бутуйар эбит. Киһи күҥҥэ балтараа лиитирэ ууну иһиэхтээх. Элбэх ууну иһэр киһи иммунитета күүһүрэр. Сирэйин тириитэ синньиири кытта түһэн, ыйанан хаалбат эбит. Онон синньииргэ туруммут киһи аһылыгын кыччатар уонна иһэр уутун элбэтэр. Киһи уйулҕа өттүнэн бэлэм буоллаҕына, аска мээнэ саба түспэт буолар. Аһылыгы сэниэ биэрэр битэмиин курдук ылыныы туһалаах. Кыраны аһыыр киһи өрүү сэниэлээх буолар. Ол кэриэтин аччыктаабат гына эриэхэ, дьаабылыка, киви, банан сиэххэ сөп. Оттон киэһэ алта чаас кэннэ, виноград, банан, манго сиир туһаны аҕалбат. Бу фрукталар киһини уотуохтарын сөбүн умнума. Синньииргэ туруммут киһи бэйэтин сааһыгар сөптөөх битэмииннэри иһиэхтээх. Йодомарин, Д, С уонна В бөлөх битэмииннэрэ суох синньииргэ турунар уустуктардаах. Тоҕо диэтэххэ, аскын аччатан, физическэй ноҕуруускаҕын үрдэппит кэмҥэр битэмииннэр эрэ көмөлөһөр кыахтаахтар. Битэмиинэ тиийэр киһи мээнэ элбэҕи аһаабат.
Бастакы нэдиэлэ хаһан баҕарар уустук буолар. Аһылыккын туттунан, таһырдьа салгыҥҥа хааман, сүүрэн саҕалаабытыҥ бастакы нэдиэлэтигэр эт-сиин мунньуллубут уута көҕүрүүр. Иккис нэдиэлэҕэ салгыы аһы туттунан, элбэхтик салгыҥҥа сылдьан, этиҥ-сииниҥ кыайар хамсаныыларын оҥорор буоллаххына, ыйааһыныҥ сыыйа түһэн барар. Үһүс нэдиэлэттэн бастакы хамсааһыннар саҕаланаллар. Бастаан искинэн, бууккунан, саамай кэлин илиилэриҥ синньииллэр. Бу быыһык кэмҥэ тоҕо түһэн аһаан кэбиспэтэххинэ, саҕалаабыт дьыалаҥ ситиһиилээх буолар дииллэр. Киһи күҥҥэ 5 км курдугу хайаан да хаамыахтаах эбит. Атах таҥаһа табыгастаах буоллаҕына, киһи сиһэ, сүһүөҕэ ыалдьыа суохтаах. Хааман, успуордунан дьарыктанан кэлбит киһи тута тымныы ууну иһэрэ, аһыыра доруобуйатыгар охсуон сөп. Онон арыый уоскуйан баран, куртах чэпчэкитик буһарар аһылыгын сиир ордук.
Үгүс киһи санааҕа ыллардаҕына, мээнэ аһыан сөп. Бу көстүү ордук тымныы айылҕалаах сиргэ олорор дьоҥҥо бэлиэтэнэр эбит. Санааҥ түстэҕинэ, сылаас үүттээх чэйи кытта бэчиэнньэ, сакалаат сиэн киһи көхсө кэҥээбэтин өйдүөхтээххин. Истириэстэн киһини айылҕа, салгыҥҥа сылдьыы уонна успуордунан дьарыктаныы өрүһүйэр диэн успуорт эйгэтин үлэһиттэрэ бэлиэтииллэр. Маныаха, аһыы утаҕы иһии эмиэ киирэр. Хомойуох иһин, биир үрүүмкэ аһыы утах киһи этигэр-сиинигэр 45 хонук устата иҥэн сылдьар эбит. Ити тэҥэ, бурдук ас, мокоруон, ириис, хортуоппуй эмиэ киһи куртаҕар ыараханнык дьайаллар. Оччотугар тугу сиибит? Киһи рационугар күн ахсын элбэх белоктаах аһылык баар буолуохтаах. Углеводу сааһыран истэх ахсын аччатар наада. Ол кэриэтин клетчаткалаах аһылык элбиэхтээх. Өйгүнэн-санааҕынан бэйэҕин кыайдаххына, күннээҕи эрэсиими тутустаххына, уугун ханар, салгыҥҥа үгүстүк сылдьар буоллаххына, уойар кыһалҕаттан быыһанар кыахтааххын.
Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…
Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…
«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…
Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…