Бэйэҕитигэр болҕомтолоох буолуҥ
Бэйэҕэ болҕомтолоох буоллахха киһи ханнык уоргана эмсэҕэлээбитин билиэххэ сөп. Холобур:
— баттах тоһутталанар — итии фентэн, хаачыстыбата мөлтөх лаахтан, кырааскаттан.
— баттах түһэр — минеральнай эттик тиийбэт, гормон дьайыыта, о.д.а. эт-хаан үлэтэ кэһиллэр.
— тыҥырах тостор — битэмиин тиийбэт, быччархай үлэтэ кэһиллэр.
— харах ирим-дьирим буолар — аһара сылайартан. Өр ааспатаҕына, бу — харах сырдыгы билэр бүрүөтэ арахсыытын бэлиэтэ.
— харах үрүҥэ, тирии саһарар — быарыҥ, үөһүҥ ыалдьар.
— харах анныгар мырчыстаҕастар — куртах уонна оһоҕос ыалдьар, түүн утуйбаттан.
— хараҕыҥ иһэр — бүөр ыалдьар, сыыһа аһыыртан.
— эмискэ кулгаах куугунуур, саҥа-иҥэ иһиллибэт — хаан эргиирэ кэһиллэр, вируснай инфекция булбут, стресс түмүгэ.
— айах ацетон сыттанар — диабеттан буолуон сөп, айах тимир сыттанар — бүөр ыалдьар.
Саха ыалын халандаарыттан,
«Айар» кинигэ кыһата, 2015 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: