«Бэйэлэрин бастарын бас билэн, эппиэтинэһи толору ылынан үлэлээбиттэрэ 20 сыл буолла…»
Муус устар 21 күнэ – Арассыыйаҕа Олохтоох бэйэни салайыныы күнэ. 1785 сыл муус устар 21 күнүгэр Екатерина II куораттарга “Жалованная грамота” диэни таһаарбыта, бу докумуон олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытыгар олук уурбута. Саха сиригэр Олохтоох бэйэни салайыныы систиэмэтэ тэриллибитэ сүүрбэччэ сыл буолла. Бу туһунан дьон-сэргэ бэйэтин санаатын үллэстэр.
Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын салайааччы:
— Санаатахха, үйэ тухары дьаһалта (сэбиэт) баар курдук эрээри, бэйэлэрин бастарын бас билэн, эппиэтинэһи толору ылан улуус, нэһилиэк таһымыгар үлэлээбиттэрэ баара-суоҕа 20 эрэ сыл буолла. Ол эрэн, бу кылгас кэмҥэ хас биирдии нэһилиэк биллэ сайынна.
Ырааҕы чугаһатар, тыа сирин олоҕун чэпчэтэр, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөр бары баһылыктары, улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталарын үлэһиттэрин, бары дьокутааттары олохтоох бэйэни салайыныы тэриллибитэ 20 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: