Салгыы
«Бэйэҥ туораан биэр ээ»

«Бэйэҥ туораан биэр ээ»

19.10.2024, 18:55
Хаартыска: соц.ситимнэртэн
Бөлөххө киир:
Киһи хаамар сирэ былдьаһык буолаары гынна

Урут Дьокуускай устун массыынанан айаннаан иһэн, хас саҥа дьиэ тутуллан тахсарын сэргиир, сонургуур бэйэм бииртэн ытырыктатар буолбуппун бэлиэтии көрдүм.

Бу хас эмэ этээстээх дьиэҕэ төһө кыбартыыра баара буолуой, ол кыбартыыра ахсаанынан төһө массыына баара буолуой, биир дьиэ кэргэҥҥэ өссө хас да баар буоллаҕына көҥүлэ. Ол массыыналар дьиэлэрин да таһыгар, үлэлэрин да таһыгар турар миэстэлээхтэр дуо? Онто суох куорат кыараҕас уулуссалара массыына “потогун” сылтан сыл кыайбат туруктанан иһэллэр. Эбиитин ханна эрэ харсыһыы буолбут буоллаҕына, олох да тураргар тиийэҕин.

Ити өссө кыһалҕа сорох көстүүлэрэ. Куораппытыгар массыыналар хаһаайынныахтарын наһаа баҕараллар. Онто суох бадарааннаах тротуар чалбаҕын тумна сатаан, түҥ-таҥ түһэн истэххинэ, суолуҥ ортотугар “мин баарбын” диэбиттии турунан кэбиспит буолаллар. Ордук улахан мааны массыыналар оннук тураллар. Эн, сатыы киһи, чалбаҕы тэпсэн ааһыахтааххын, кини кураанах сиргэ туруохтаах.

Аны уһуйаан, оскуола, балыыһа курдук тэрилтэлэр биир сиргэ тутуллан хаалбыт буоллахтарына, улахан хабырыйсыы онно тахсар. Балыыһа сиэстэрэтэ Татьяна В. этэр: “Сарсыарда үлэбитигэр кэлэрбитигэр, уһуйааҥҥа оҕолорун аҕалаллар. Киһи ханан да хаамар сирэ суох буолуор диэри массыыналар ыга анньан баран тураллар. Сэмэлээтэххинэ, бэйэҥ манан туораан бар ээ, диэн баран массыына ааһар сирин ыйаллар”. “Киһи хаамар сиригэр тоҕо маннык тураҕын?” диэн биир дьүөгэм эмиэ сэмэлээччи буолбутун, массыына хаһаайката, туруоруом этэ да, ханна да туруорар сир суох, диэн баран ытыһын нэлэс гыннарбыт. “Билигин барыам”, — диэн уоскуппут.

Массыынаны ханна туруорар сатамматый?
* Инбэлииттэргэ анаммыт сирдэргэ;
* чааһынай парковкаларга;
* интэриниэккэ холбонор кыаҕа суох сирдэргэ;
* хааччахтаах сирдэргэ;
* күнүнэн эбэтэр чааһынан турар, бириэмэтэ хааччахтаах сирдэргэ

Паркинг боппуруоһа ууга тааһы бырахпыттыы сүттэ

Уонча сыллааҕыта тутуу маассабайдык саҕаланан эрдэҕинэ, хас да этээстээх паркинг тутуутун боппуруоһа күөрэйэ сылдьыбыта. Аппа уҥуор “Лена” киинэ тыйаатыр кэннинэн тутуллар үһү диэн үллэҥнэһии баара да, тоҕо эрэ кэлин ууга тааһы бырахпыттыы сүттэ. Арай “Прометей” түөлбэҕэ баар диэн куйаар ситимэ көрдөрөр. Сыанабыт да баһырхай, кыбартыыра сыанатыттан кыра эрээри, бастакы угуу саҕа баар: 1 750 000 уонна 2 500 000 солк. Ардах кэнниттэн үүммүт тэллэйдии тутуулаах куораппытыгар, дьиҥэр, паркинг баара наада этэ.

Уонча сыллааҕыта дьиэ тутуута маассабайдык саҕаланан эрдэҕинэ, хас да этээстээх паркинг тутуутун боппуруоһа күөрэйэ сылдьыбыта.

Билигин тутааччылар куорат киин өттүгэр миэстэ бүтэн, кытыы өттүгэр бардылар, сүрүннээн, түөлбэнэн тутууга оҕуннулар. Дьэ манна киэҥ-куоҥ сиргэ паркины төһө баҕарар тутуохха сөп. Оччоҕо массыына да дьиэлэниэ, дьон да массыынаҕа кэтиллэ сылдьара аҕыйыа этэ.

Кыһалҕа биир өттө

Массыына турар сирэ суоҕунан, кыһалҕаттан дьон массыыналарын суол кытыытыгар хааллараллара эмиэ баар. Онон төһө да киэҥ суолу тут, син биир икки өттүнэн массыына ыга симсэн турар буолар. Оннук түгэҥҥэ массыынаны тиэйэн илдьэн, ыстарааптаахтар дьоҕус массыынаны эвакуаторга тиэйэн барбыттарын.

2024 сылга тротуарга турар массыынаҕа туох ыстараап баарый?

Сокуоҥҥа тротуар туһунан туох диэн суруллубутуй? “Тротуар — сатыы киһи сылдьар суола, массыына эбэтэр бэлисипиэт суолугар сыста турар эбэтэр бордюрунан араарыллыбыт буолар”.

Дьэ бу бордюр элбэх мөккүөр төрдө буолар эбит. Алҕас көрбөккө, тротуарга аҕыйах сантымыатыры да тахсан хаалбыт буоллаҕына, ГАИ өттүттэн бу сокуону кэһии диэн көрүллэр.

Ханнык массыыналар тротуарга тохтуохтарын сөбүй?

Аналлаах сулууспалар массыыналара — суһал көмө, полиция, баһаарынай сулууспа. Ону таһынан, суол, хомунаалынай сулууспалар, таһаҕас таһар массыыналар. Балар таһаҕаһы сүөкүүр-тиэйэр атын сирдэрэ суох буоллаҕына, тохтуохтарын сөп эбит. Өскөтө массыына бу көрүҥнэргэ киирсибэт уонна ГАИ таба көрбүт буоллаҕына, ыстарааптанар.

Тротуарга туруу иһин ыстараап төһөнүй?

2024 сылга ыстараап кээмэйэ — 1000 солк. Москваҕа уонна Санкт-Петербурга быдан ботуччу — 3000 солк. Эбиитин эвакуаторынан илдьибит буоллахтарына, эвакуатор уонна ыстарааптаммыттар турар сирдэрин иһин төлөбүрүҥ — сууккаҕа 2500 солк.

Каршеринынан туһанааччыларга быраабыла син биир массыына хаһаайыннарыгар курдук буолар.

Кимиэхэ үҥсэбит?

Бастатан туран, тротуарга туруу иһин ыстараабы ГАИ үлэһитэ оҥорор. Ол эрээри кинилэр олбуордарга сэдэхтик сылдьалларын быһыытынан, олохтоохтор үҥсүөхтэрин сөп:

ГАИ-га, оройуон дьаһалтатыгар, УВД полициятын учаастагар, массыынаны эвакуациялыыр куорат сулууспатын саайтыгар суруйан, үҥсүүнү ылар “суһал” лииньийэҕэ эрийэн.

Массыына тротуар устун айаннаатаҕына, ыстарааба өссө улаатар.

2024 сылга тротуар устун айан иһин 2000 солк. төлүүгүн.

Ыстараабы хайдах төлөттөрөбүт?

Арай ГАИ кэлиэр диэри массыына баран хаалбыт буоллун. Оччотугар ГАИ саайтыгар үҥсүүгүн кытта түһэрбит хаартыскаҕын уган кэбиһэҕин.

Видеоҕа устуоххун сөп, ГАИ үлэһитэ ону көрөн баран, түмүк оҥоруо, оттон иниспиэктэр быһаарыы таһаарыа.

Туоһу түһэрбит видеота эмиэ барсар — флешкаҕа куоппуйалаан, иниспиэктэргэ биэрэҕит. Ону ГАИ үлэһитэ дьыалаҕа тиһэр.

Киирбит иһитиннэрии ГАИ серверигэр хараллар — хаһан баҕарар бэрэбиэркэлиэхтэрин сөп. Тротуарга турбутун иһин ыстараабы төлөтөргө массыына СТС-а уонна кини нүөмэрэ наада.

Арай алҕас ыстараап түһэрбит буоллуннар

Иниспиэктэр быһаарыытын көтүртэрэргэ 10 хонук бэриллэр. Болдьоҕо быһаарыы тахсыбытын кэннэ, сарсыҥҥы күнүттэн саҕаланар. ГАИ үлэһитэ төһө ноҕуруускалааҕыттан көрөн, 2-3 күн барыан сөп. Бу 2-3 күн иһигэр иһитиннэрии ГАИ баазатыгар киирэр. Ааһыныыга түһээн төлөммөт, сыыһа ыстараптаатылар диэн үҥсүүгүн эрэ суруйаҕын.

Хаартыскалар: социальнай ситимнэртэн

ПАРКИНГ. PХHERE саайтан

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: