Салгыы
Бэйиэт Баал Хабырыыс төрөөбүт сиригэр пааматынньык турбута 50 сылынан көрсүһүү буолла

Бэйиэт Баал Хабырыыс төрөөбүт сиригэр пааматынньык турбута 50 сылынан көрсүһүү буолла

Ааптар:
21.09.2023, 10:40
Хаартысканы Марфа Пестрякова тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Быйыл ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Гаврил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 105 сыла буолла. Үбүлүөйдээх даатаҕа анаан өрөспүүбүлүкэҕэ, Уус Алдан улууһугар уонна Курбуһах нэһилиэгэр араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Лоп курдук 50 сыллааҕыта Баал Хабырыыс төрөөбүт Уу Чаабыйын сиригэр «Ийэҕэ махтал» диэн пааматынньык туруоруллубута.

Хаартысканы Марфа Пестрякова тиксэрдэ.

Ол туһунан Курбуһах нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Марфа Пестрякова иһитиннэрэр: «1973 сыллаахха саха биллиилээх бэйиэтэ Баал Хабырыыс төрөөбүт дойдутугар Уу Чаабыйга «Ийэҕэ махтал» диэн пааматынньык туруоруллубута. Баал Хабырыыс тыыннааҕар ийэтин Маайа уобараһын үйэтитэр санаалааҕын олоххо киллэрэр сыалтан бэйиэт кэргэнэ, скульптор идэлээх Ольга Скубченко бу пааматынньыгы оҥорон Москваттан ыыппыт. Ону туруора диэн Курбуһах интэринээт-оскуолатын 8-10-с кылаастарын 16 үөрэнээччитэ ыам ыйын 12-13 күннэригэр бэлисипиэтинэн туристическай айаҥҥа барбыттар. Кинилэри учууталлар А.Р. Кулаковскай, М.Н. Абрамов, А.Н. Пестряков салайан илдьэ сылдьыбыттар.»

Аҕыйах хонуктааҕыта бу бэлиэ тэрээһин 50 сылынан Курбуһахха Н.С. Пестряков аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ пааматынньыгы туруорбут дьон — оччотооҕу оҕолор, интэринээт-оскуола 8-10 кылааһын үөрэнээччилэрэ интэриэһинэй көрсүһүүгэ ыалдьыттаатылар. Мустубут дьон пааматынньыгы хайдах туруорбуттарын сиһилии кэпсээтилэр, оскуола саастарын санаатылар. Атын нэһилиэктэргэ, Дьокуускайга олорор үөлээннээхтэрэ видео-сибээһинэн тэрээһиҥҥэ кытыннылар.

Хаартысканы Марфа Пестрякова тиксэрдэ.

Семен Протопопов уонна Егор Окоемов ол сырыыны олус үчүгэйдик, ымпыгар-чымпыгар, ким бэлисипиэтэ алдьаммытыгар тиийэ өйдүүллэр эбит, эппиэтинэстээх тэрээһиҥҥэ кытта баралларын эрдэттэн бэлэмнээн, ким тугу гыныахтааҕын этэн ыыппыттара диэн ахталлар. Учууталлар оҕолору болуотунньук, фотограф, топограф, асчыт, бэлиэтэнэн иһээччи, хапытаан диэн арааран, эбээһинэстэрдээн илдьэ барбыттар. Көрсүһүү ыалдьыттара: «Пааматынньык ыйааһына олус ыарахан этэ. Ону маһынан кыраан курдук оҥорон, чаас чаастарын үрүт-үрдүгэр уурбуппут. Кимнээх бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарын суруйан, күнүн-дьылын ыйан, бытыылкаҕа уган пааматынньык иһигэр кистээбиппитин өйдүүбүт. Илдьэ сылдьыбыт учууталларбыт оччолорго эдэр дьон буолан, биһигини кытта тэҥҥэ мээчиктэспиттэрэ, оонньоспуттара. Пааматынньыгы Уу Чаабыйга Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Федорович Аммосов илдьэргэ көмөлөспүтэ. Эдэр сааспытын санатан маннык тэрээһини ыыппыккытыгар махтанабыт», — диэн санааларын үллэһиннилэр.

Икки аҥаар миэтирэ үрдүктээх «Ийэҕэ махтал» пааматынньыгы Москваттан Курбуһахха диэри үс чааска арааран аҕалбыттар. Ону тэрээһин кэмигэр оҕолор сиэмэнинэн сыһыарбыттар, пьедесталын оҥорон туруорбуттар.

Бу сырыы түмүгүнэн альбом-рапорт оҥоһуллан, пааматынньыгы хайдах туруорбуттарын үйэтитэн хаалларбыттар эбит. Ол альбом бу сайын оскуола мусуойун архыыбыттан булуллубут. Онон көрсүһүү ыалдьыттара оччотооҕу илдьити соһуччу тутан-хабан, көрөн-истэн, көрсүһүүттэн долгуйан, астынан тарҕастылар.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: