Бэйиэт биһиги аттыбытыгар…
Бу сиргэ икки атахтаах баарын тухары уус-уран айымньы, чуолаан поэзия, сүтэн-симэлийэн хаалбатыгар саарбахтааһын суох. Поэзия, уус-уран хомуһуннаах хоһуйуу куруук киһиэхэ олоҕун ыарахан кэмигэр көмөлөһөрө, суолун ыйан-кэрдэн биэрэрэ, соҕотохсуйууттан, муунтуйууттан быыһыыра диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Саха литературатын 125 сылын көрсө биһиги бэйэбит таспытыгар баар бэйиэт Рустам Каженкин-Арчы Уола айымньыларыгар эдэр ыччат интэриэһин тардар сыалтан кини хоһооннорун ырытан бырайыак оҥорон таһаардыбыт.
Билиҥҥи ыччат поэзияҕа интэриэһэ сүттэ, аахпыттарын суолтатын өйдөөбөттөр уонна билиҥҥи кэм бэйиэттэрин билбэттэр. Ол иһин бу үлэни оҥоруохха диэн санаа үөскээбитэ. Рустам Николаевич «Айыы Кыһата» национальнай гимназия саха тылын уонна литературатын учууталынан күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Сүрүн үлэтин таһынан Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан буолар. Кини улуу бэйиэт убайдарын – Семен Данилов, Леонид Попов, Петр Тобуруокап – суолларын салҕыыр диэтэхпитинэ омуннааһын буолбат. Ол аата төрүт тылбыт салҕыы кэхтибэккэ сайдан бара турарыгар олук уурар. Ордук кэрэхсэбиллээҕэ диэн биһиги убаастыыр, таптыыр учууталбыт урукку бэйиэттэри утумнаан биһигини үөрэтэ-такайа сылдьарыттан сүрдээҕин диэн үөрэбит, киэн туттабыт. Кини хас биирдии киһиэхэ чугас, суолталаах түгэни суруйар: таптал, айылҕа, күннээҕи олох туһунан. Рустам Николаевич хоһоонноро дириҥ лиризмнээх, ол эбэтэр киһи чараас дууһатын таарыйаллар. Киһи иэйиитин, туругун, ис эйгэтин, саныыр санаатын бэйээт бэрт табатык ойуулуур. Кини хоһоонноругар олох, таптал, дьол туохтан турарын, киһи бу сиргэ төрөөбүт-үөскээбит анала туохха сытарын туһунан анаарар. Хоһооннор өйгө чэпчэкитик хатаналлар, музыка, ырыа курдук иһиллэллэр. Холобур, «Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх» хоһоон дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр ырыа буолбута (Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй матыыбыгар). Ол курдук, «Санаа ситимэ» (2006), «Олук тыл» (2007), «Таас тойуга» (2015), «Үс кустук» (2018) «Живу навстречу тебе» (2021), «Сааһа суох сүрэх ырыата» (2022) хоһоонунан хомуурунньуктар күн сирин көрбүттэрэ.
Бырайыак түмүгүнэн, маннык түгэни бэлиэтиэ этибит. «Айыы Кыһатын» 9-11 кылаас үөрэнээччилэрин иһинэн ыытыллыбыт анкета көрдөрбүтүнэн, айар дьоҕурдаах учуутал үөрэтэрэ ордук интэриэһинэй уонна ураты, тоҕо диэтэр кини үөрэнээччилэргэ сыһыана атын, оҕону быдан өйдүүр, кини ис туругун таба таайар.
Уопсайынан, Рустам Каженкин айар үлэтэ саха култууратыгар улахан суолталаах. Кини үгэстэри тутуһан, харыстаан, саха литературатын сайдарыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрэр, философия өттүттэн суолталаах боппуруостары таарыйар, айымньылар ураты уобарастарынан, дьүһүйүүлэринэн сөхтөрөллөр. Бу биир Рустам Каженкин. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, дойдубутугар төһөлөөх талааннаах айар куттаах дьон баара буолуой? Бу барыта поэзия сайдар, киһини кэрэхсэтэр, сөхтөрөр аналлааҕын бигэргэтэр. Өскөтүн Рустам Николаевич Каженкин айымньыларын ааҕааччылара ырытар, анаарар буоллахтарына, ол аата 21 үйэ бэйээттэрин дьон-сэргэ билэр диэн сыаналыахха сөп.
Ньургуяна Касьянова, «Айыы Кыһата» НГ нуучча тылын уонна литературатын учуутала
Сандаара Андреева, «Айыы Кыһата» НГ 10а кылааһын үөрэнээччитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: