Салгыы
Бэйиэт, мелодист Мария Ларионова “Барыта үчүгэй буолуоҕа” аһымал кэнсиэри тэрийдэ

Бэйиэт, мелодист Мария Ларионова “Барыта үчүгэй буолуоҕа” аһымал кэнсиэри тэрийдэ

30.12.2022, 17:30
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһун култууратын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, бэйиэт, мелодист Мария Ларионова Кыыллаах нэһилиэгэр “Барыта үчүгэй буолуоҕа” аһымал кэнсиэри ыытта.

Кэнсиэри көҕүлээччи Мария Ларионова: “Аһымал кэнсиэртэн 130700 солк. киирдэ. Үп улуус, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан, улуус урбаанньыттарыттан, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирковтан, Олоҥхо ассоциациятыттан, Хомус түмэлиттэн, Ил Түмэн дьокутааттарыттан, СӨ Бырабыыталыстыбатын, Е.И.Михайлова салайааччылаах “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа “Дьүөгэлэр” дьахталлар хамсааһыннарыттан, о.д.а. киирдэ. Бу – СӨ Бырабыыталыстыбатыттан саҕалаан бүтүн Саха сирин олохтоохторун биир санаалаахпыт туоһута. Бары кыттыбыт дьоҥҥо истиҥ махталбын тиэрдэбин. Чуолаан, кэнсиэри үрдүк таһымнаахтык тэрийбит биир дойдулаахтарбар — кыыллаахтарга махталым улахан. “Алгыс” култуура-сынньалаҥ тэрилтэтин кэлэктиибитигэр (дириэктэр Лена Данилова),  Кыыллаах оскуолатыгар (дириэктэр Иннокентий Малгаров) махтанабын.

Улахан махталбын ыытабын: “Иэйии” (салайааччы Татьяна Узорова), “Талба” (салайааччы Раиса Лавернова), “Дуорай” (салайааччылар Зоя, Александр Бекреневтар) ансаамбылларга, солистарга Семен Поповка, Любовь Кельбиноваҕа, Андрей Латышевка,  “Күбэйэ”, “Айылгы” үҥкүү кэлэктииптэригэр (салайааччы Ольга Акимова). Туспа махталбын биллэрэбин Юлия Корниловаҕа, Раиса Лаверноваҕа. Барыбыт түмсүүбүт — сүдү күүс, хайаан даҕаны кыайыыга тиэрдиэҕэ!”, — диэн СӨ култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ Мария Ларионова санаатын үллэстэр.

Киирбит үп эрдэ былааннаммытын курдук анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьан дьоҥҥо туһаайыллыаҕа. Кэнсиэри, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо куйаар ситиминэн  быһа көрөр кыахтара тэриллибитэ. Билиҥҥи туругунан, 600-тэн тахса киһи көрбүт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: