Бэйиэт Михаил Тимофеев литератураҕа нэһилиэстибэтин бибилэтиэкэҕэ бэлэхтээтилэр

Share

Саха норуодунай бэйиэтэ Михаил Тимофеев төрөөбүт күнүгэр, кулун тутар 14 күнүгэр, кини сыдьааннара Национальнай бибилэтиэкэҕэ мусукаалынай бокс-флешканы бэлэхтээтилэр.

Манна Михаил Тимофеев литератураҕа нэһилиэстибэтэ: 182 хоһооно, 187 ырыата, моноопера, араадьыйа биэриилэрэ уонна араадьыйаҕа уһуллубут испэктээктэр киллэриллибиттэр. Композитор Герман Комраков ырыаларыгар оркестр фонограммалара таһаарыы ис хоһоонун байыталлар.
Онон, бибилэтиэкэ ааҕааччылара Саха сирин баай култууратын эрэ буолбакка, бэйиэт дириҥ философиятын, кини төрөөбүт дойдутугар тапталын уонна саха омугун үгэстэригэр бэриниитин көрдөрөр Михаил Тимофеев айымньыларын билсиэхтэрэ.
Флешка «Мин уордьаннаах өрөспүүбүлүкэ уолабын» поэматын тылбааһынан «Я сын республики» диэн ааттаммыт. 1957-58 сылларга суруллубут поэманы бэйиэт, «Социалистическая Якутия» хаһыат суруналыыһа Юрий Дель тылбаастаабыта.
Бырайыак ааптардара -– Саргылана Адамова-Алтан Кыыс уонна Айина Тимофеева.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ Михаил Тимофеев оҕолоругар уонна сиэннэригэр кэлэр көлүөнэҕэ тугунан да сыаналаммат кылааттарын киллэрбиттэрин иһин дириҥ махталын биллэрэр.

Быһаарыы:

Михаил Елисеевич Тимофеев (15.03.1932-22.01.2013) -– бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, СӨ норуодунай бэйиэтэ, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата (1990 с.).
Бүлүү улууһун Модут (Бороҕон) нэһилиэгэр күн сирин көрбүт Михаил Тимофеев хоһоонноро 1957 сылтан бэчээттэнэн барбыттара. Оҕолорго анаан элбэхтик суруйара. М. Джалиль, Т. Шевченко, Токтогул, Р. Гамзатов уо.д.а. хоһооннорун сахалыы тылбаастаабыта. Бэйэтин хоһоонноро эмиэ нууччалыы уонна аан дойду норуоттарын тылыгар тылбаастаммыттара. Бэйиэт хоһоонноругар элбэх ырыа айыллыбыта. Композитор Валерий Кац кини поэматыгар саха муусукатыгар моноопераны аан бастакынан айбыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

22 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

37 минут ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорда

Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…

2 часа ago