“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Эйэлээх олоҕу түстээҥҥит
Суоһар сурах эмискэ
Тиийэн кэлэн соһутта…
Сэрии! Сэрии буолла… диэн
Уйулҕаны хамсатта.
Эйэлээх олох кэрэтин
Хаһан өйдүөх муҥнарай,
Сэриинэн ииригирэн
Дьоллоох кэммитин үрэйдилэр.
Эдэр эмэн дьоннорбут
Саа саадах тутаннар,
Ытык иэстэрин төлүү
Сэрии хонуутугар аттаннылар.
Өрүүтүн инники сылдьаҥҥыт
Хорсуннук, хоһууннук туттаҥҥыт,
Кыдыйан кэлээриҥ өстөөҕү
Кэлэр кэм кэскилин туһугар.
Булгуруйбат тостубат
Эр санаалаах Хотойдорбут,
Эйэлээх олоҕу түстээҥҥит
Эргиллэн кэлээриҥ кыайыынан!
Ахсынньы 29 күнэ. Ил Дархан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үлэлээтэ. Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа саҥа дьиэтэ…
Саха саныырынан, утуйар уу араастаах. Сылбай уу кэмэ -- киэһэ сыппыт кэннэ түүн үөһүгэр диэри.…
Хатас нэһилиэгэ сыллааҕы үлэни-хамнаһы түмүктүүр киэһэтэ буолан ааста Сылы түмүктүүр, ааспыты анаарар, буолбуту ырытар ахсынньы…
Өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай кэрэ кэргэннии паараларынан Айталина уонна Вячеслав Лаверновтар буолаллар. Томпо уонна Амма Кэрэ…
Өбүгэлэрбит хайдах күн-дьыл буолуон эндэппэккэ билэллэрэ. Айылҕа араас көстүүтүн, оту-маһы, кыылы-сүөлү кэтээн көрөллөрүн туһунан элбэхтэ…
Атамайга элбэх хайысхалаах кииҥҥэ сэргэх тэрээһин буолла. Тэрээһин бастакы чааһыгар Атамай нэһилиэгин түөлбэлэригэр бастыҥнары чиэстиир…