Бөкөҕө “Союз” кэпэрэтиип дьон сүөһүтүн көрөр

Share

Кистэл буолбатах, үгүс тыа сиригэр аҕам саастаахтар сүөһүнү кыайан салгыы көрөр кыаҕа суохтарыттан, оттон эдэрдэр  бу төрүт идэнэн дьарыктаныахтарын баҕарбаттарыттан, сүөһүлэрин аччаталлар. Ол эрээри маннык түгэҥҥэ кинилэргэ кэпэрэтииптэр көмөҕө кэлэллэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бөкө бөһүөлэгэр Космонавтика күнүгэр тэриллэн, “Союз” диэн киһи хайдах эрэ ытыктыы, сүгүрүйэ истэр ааттаах кэпэрэтиип былырыын сааскыттан үлэлээн эрэр. Соһуйуох иһин, кэпэрэтииби олохтоох оскуола алын сүһүөх кылааһын учуутала, урукку өттүгэр хаһан даҕаны сүөһү иитиитинэн дьарык­тамматах 31 саастаах Күннэй Избекова салайар.

Улуус баһылыгын граныгар кыайан

– Улууспут баһылыга Дмитрий Тихонов үс сыллаах тыа хаһаайыстыбатын сылын биллэрбитэ. Онон былырыын Улуус аҕа баһылыгын граныгар куонкурус тэрийбитэ. Ол граныгар 5 мөл солк. анаабыта. Биһиги ол граҥҥа кыттан, кыайбыппыт. Онон кэпэрэтииппит тэриллэн, 2023 сыл сэтинньититтэн үлэлии сылдьабыт. Бырайыакпыт сыалынан дэриэбинэҕэ сүөһү ахсаа­на аччаабатын туһугар аҕам саастаах дьон сүөһүлэрин көрүү, үлэ миэстэтин таһаарыы буолар, – диэн кэпсээнин саҕалаата кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Күннэй Алексеевна.

Кэпэрэтиип урут Догдоҥо нэһилиэгэр тутуллан баран, таах кураанахсыйан турбут хотону ылан, сөхсүтэн өрөмүөннээбит. Манна 80 төбө киирэр кыахтаах. Онон граннарын харчытын бу өрөмүөҥҥэ туһаммыттар.

Былырыын кэтэх ыаллартан 30 төбөнү кыстаппыттара, быйыл 42 сүөһүнү ылан көрө сылдьаллар. Онно эбии бэйэлэрин сүөһүлэрин туруораллар. Хаһаайыстыба сүөһүлэрин көрдөрөр ыаллары кытта дуогабарынан сүөһүнү көрүү күннээҕи тарыыбын олох­тообут. Ол курдук, биир күҥҥэ көрдөрүү иһин сүөһү сааһыттан көрөн 63 солкуобайтан 100 солк. диэри төлүүллэр. Ону таһынан, сүөһүлэрин сиир отун биэрэллэр. Эмиэ сүөһү сааһыттан тутулуктаах, 1 туонаттан 2 т диэри диэн быһыллыбыт.

Былырыын уопсайа 80 төбөнү кыстаппыттар, ити иһигэр кэтэх ыал киэнэ – 30 уонна бэйэлэрэ атыыласпыт 50 борооскулара. Быйыл эмиэ 80-чаны кыстыкка киллэрбиттэр, итинтэн 42-ни чааһынайдар көрдөрө биэрбиттэр. Өссө үчүгэйэ диэн кэпэрэтиип үлэтин олохтоохтор биһирээн, ынах гынаары кэпэрэтииптэн 10 тыһаҕаһы атыылаһан, бэ­­йэлэригэр ииттэрэн тураллар. Дьэ, бу курдук дьаһаннахтарына, Догдоҥо нэһилиэгэр сүөһү ахсаана элбииригэр көмөлөөх буолууһу.

“Тыраахтардаахпыт буоллар”

– Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо кэпэрэтиип үлэтэ, түбүгэ элбэх бөҕө буоллаҕа. Ыарахана диэн, саҥа тэриммит буоламмыт, материальнай-тиэхиньии­чэскэй баазабыт мөлтөх. Ол курдук, тыраахтарбыт суох. Хотоммутугар носуос­таахпыт, сүөһүнү уулатар поилкалардаахпыт. Сүөһүнү уулатарга уу таһар массыынаны наймылаһабыт, ол эмиэ орос­куоттаах. Ууга харчы бөҕө барар. От тиэйиитигэр стоговозпут суоҕа эмиэ кыһалҕалаах соҕус. Онон барытын чааһынайдары кытта кэпсэтэн, дьаһанабыт. Хата, бу үлэбэр кэргэним көмөлөһөн абырыыр. Биригэдьиирдээх буолан, бигэ көмөлөһөөччүлээх курдукпун. Хотоммут дэриэ­бинэ иһигэр баар буолан, үлэһиттэрим сылдьалларыгар абыраллаах. Үлэһиттэрим олохтоох дьон буолан, кыһанан-мүһэнэн үлэлииллэр. Хамнастара үчүгэй, хойутаппакка, кэмигэр төлүүбүн. Онон билиҥҥитэ этэҥҥэ курдук, – диэтэ салгыы бэрэссэдээтэл.

Тыа хаһаайыстыбатыгар ходуһа күрүөлээһинигэр субсидияҕа хапсан, 410 тыһ. солк. ылан, ходуһаларын күрүөлээбиттэр, онон эһиилгиттэн от­­туохтара. Онно, дьэ, тыраахтарга наадыйыы өссө улаатыаҕа.

Сыах, былаһаакка арыйаары

Төһө да саҥа үлэтин саҕалаатар, “Союз” СПОК инники былаана үгүһэ сөхтөрдө. Ол курдук, “Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сирэ-уота” бырагыраамаҕа чилиэн буолаары бэлэмнэ­нэллэр. Сүөһү аһылыгын дэлэтэр туһуттан оту гранулалыыр сыаҕы арыйар баҕалаахтар. Ону тэҥэ сүөһүнү уотуунан дьарыкта­наары “откормочнай былаһаак­ка” диэни ары­йаары толкуйдууллар. Көрөргүт курдук, эдэр салайааччы былаана киэҥ.

– Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьааччылар, тыа хаһаайыс­тыбатынан дьарыктанааччылар элбэхтэр. Кинилэри биир былаһааккаҕа түмүөхпүтүн баҕарабыт. Ол курдук, онно уопсай былаһаакканы сыһыарыы (приложение) курдук оҥорон, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах биллэриилэри таһааралларын хааччыйдарбыт бэрт буолуо этэ. Холобура, оту атыылаһыы, сүөһүнү атыылаа­һын, мэнэйдэһии эҥин курдук араас биллэриилэр элбэх буоллахтара. Оччоҕо киһи ити сыһыарыыга киирдэ даҕаны наадалааҕын түргэнник буларыгар көмөлөөх буолуо этэ, – диэтэ Күннэй Алексеевна.

Учуутал үлэтин кытта дьүөрэлээн

Хаһаайыстыба кэ­­ҥиир уонна сайдар баҕалааҕа олус үчүгэй. Ону тэҥэ кэпэрэ­тиип бөһүөлэккэ биир ту­­таах тэрилтэнэн буоларынан, дьоҥҥо эмиэ көмөлөһөр. Сотору кырдьаҕастарга ынах этин босхо биэриэҕэ. Эт-ас, бородууксуйа сыаната ыарыы турар кэмигэр маннык көмөлөр тыа сирин дьонугар олус наада­лаахтар. Олохтоохторго сүөһүнү ырыынак сыанаты­нааҕар тыыннаахтыы чэпчэкитик атыылаабыттара эмиэ тустаахтарга туһалааҕа чахчы.

– Күннэй Алексеевна, учууталга хотонноох улахан хаһаайыстыбаны үлэлэтии ыарахан буолбатах дуо? Хайдах үлэҕин аттараҕын?

– 4 сыл иитээччинэн үлэлээбитим, онтон бу алын сүһүөх кылааска учууталлыы сылдьабын. Билиҥҥитэ хайдах эрэ аттаран сылдьабын. Сололоох буоллахпына, хотоммор сүүрэбин. Отчуоппун оҥоробун, үлэм элбэх буоллаҕа. Икки оҕолоохпун. Ити үөһээ ахтан аһарбытым курдук, кэргэним көмө-тирэх буолар, – диэн мүчүк гынар.

Бу курдук, “Союз” кэпэрэтиип Бөкө бөһүөлэгэр дьон сүөһүлэрин эспэккэ, иитэллэригэр көмөлөһөн, кырдьаҕастары абыраан эрэрэ хайҕал­лаах. Былаан үгүс, ону толорууга хаһаайыстыба ааҕынан-суоттанан үлэлиэҕэ, кыстыгы этэҥҥэ туоруоҕа диэн эрэнэбит. “Союз” аата өссө да иһиллэ турдун.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муус ылан көмөлөстүлэр

Бу  күннэргэ  муус  ылыыта  саҕаланна. Тыа сирин олохтоохторугар сыл тахсар мууһунан хааччыныыга былдьаһыктаах күннэр тураллар.…

20 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Горнайга түөкүн эдэр кыыһы туттулар

ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтоох дьахтарыттан сайабылыанньа киирбит. Дьахтар биир саайтка…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Оҕо доруобуйатын тупсарар аллеяны” оҥоруохпут

Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха 12 №-дээх “Улыбка” оҕо  уһуйаана “Строительнай” уокурук кырачаан иитиллээччилэригэр аанын  тэлэччи…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьааҥыга полицейскайдар массыына күрэтээччини туттулар

Дьааҥы улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох ыал массыыналарын күрэппиттэрин туһунан тыллаабыттар. Силиэстийэ быһаарыытынан, эмсэҕэлээччи эр…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Оһуохай» түмсүү үлэтин саҥа кэмин саҕалаата

Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, «Оһуохай» түмсүү өрөмүөн үлэтин кэннэ саҥардыллыбыт Арчы Дьиэтигэр түһүлгэтин саҕалаата. Арчы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Минтай балык быарын кэнсиэрбэтигэр чиэрбэ булбуттар

Минтай балык быарын кэнсиэрбэтигэр «Пятерочка» уонна «Дикси» атыы-эргиэн маҕаһыыннарыгар чиэрбэлэри булбуттар. Уопсастыбаннай потребительскай көҕүлээһин салайааччыта…

2 часа ago