Белай Гораҕа үөр ыт оҕолорго саба түстэ

Share

Бэҕэһээ, кулун тутар 22 күнүгэр, Абый улууһун Белай Гора бөһүөлэгэр үөрүнэн сылдьар ыттар маҥнайгы кылаас оҕолоругар саба түспүттэрин туһунан сурах тарҕанна. Бу туһунан истээт, бөһүөлэккэ сибээскэ тахсан, ити быһылааҥҥа түбэспит маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрин учууталын кытта кэпсэттим.

Учуутал көрдөһүүтүнэн аатын суруйбаппыт.

-Мин маҥнайгы кылаастары үөрэтэр учууталбын. Кылааспар 12 оҕо баар. Оҕолорбун кытта динамическай чааска таһырдьа салгын сии тахсыбыппыт. Оҕолор оонньуу сырыттахтарына ыраах  сылдьар үөр ыттан биир ыт биһиэхэ сүүрэн кэлбитэ. Тута ол ыты батыһан аҕыс ыт сүүрэн кэлбэт дуо? Сүүрэн кэлээт даҕаны бэйэлэрин икки ардыгар охсуһан бардылар. Онтон эмискэ биһиэхэ аралдьыйдылар. Биир ыт үрэн моргуйааттын кытта бары саба сырсан кэлэн, биһигини үрэ-үрэ, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы түһэ сатыыллар. Мин куттал суоһаабытын билэммин оҕолорбун иннибэр уктан, бэйэм кэннибинэн хааман оҕолорбун бүөлүү-бүөлүү биһигиттэн чугас бөһүөлэк дьаһалтатын сэбиэтин дьиэтигэр хаамтыбыт. Уулуссаҕа биир да киһи суох. Үлэ чааһын кэмэ буоллаҕа. Ити күнүс 12 чаас буолан эрдэҕинэ этэ. Нэһиилэ кирилиэскэ тиийэн баран оҕолорбун киллэртээтим уонна бэйэм хайдах оҕолорбун бүөлээбитинэн хаалан хааллым. Ыттар миэхэ кэлэ-кэлэ түһэллэр, сии сыстылар. Нэһиилэ суумкабынан охсуоланан дьиэҕэ киирэн баран биирдэ уоскуйдум. Дьэ онтон тэрилтэҕэ киирэн аймалҕан таһаараммын  үс дьахтар, биир эр киһи бары, ыттан көмүскэнэргэ мастаах тахсаннар биһигини оскуолаҕа атаардылар. Уопсайынан бөһүөлэкпитигэр бэйдиэ ыт аһары элбэх. Оҕолору оскуолаҕа төрөппүттэрэ аҕалаллар, илдьэллэр. Оттон эбиэттэн киэһэ куруһуоктар буолаллар, онно оҕолору үлэлиир төрөппүттэр сатаан таспат буоллахтара. Кыылга амарах сыһыаннаах сокуонунан ыттары ытар табыллыбат. Оттон оҕолорбутун, дьоммутун-сэргэбитин хайдах көмүскүүбүт? Мин урут ыттан куттаммат этим. Бу түгэн кэнниттэн наһаа улаханнык куттанным.Бөһүөлэкпит баһылыга билигин Дьокуускайга пуорумҥа сылдьар. Бөһүөлэкпит бөлөҕүн ахсын ыттаргытын баайыҥ диэн биллэрии бөҕө тахсар да дьон ытын баайбат. Ити ыттар барыта дьон ыта буоллахтара дии.

Бэйдиэ сылдьар ыттар кыайтарбат кыһалҕаҕа кубулуйдулар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тохсунньуттан Роскомнадзорга бэлиэтэниини ааспатах блог, канаал бас билээччилэрин ыстарааптыахтара

Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар

«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…

32 минуты ago
  • Сонуннар

Үбүлүөй собото

Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан истипиэндьийэлэрин туттардылар

Сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр, Ил Дархан анал истипиэндьийэлэрин Туоһу суруктарын туттарыы үөрүүлээх…

58 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөпүөн түөкүттэрэ уоскуйбаттар

Кэнники сылларга түөкүттэр дьону албынныыр ньымалара кэҥээн, эмсэҕэлээччи элбээн иһэр диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ааспыт…

1 час ago