Бэлиэ күҥҥэ – саҥа дьиэҕэ!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун төрүттэммит күнүгэр өссө биир үөрүүлээх түгэн буолан ааста диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааматынан Николай Докторов салайааччылаах «Мегинострой» тэрилтэ 72 кыбартыыралаах саҥа таас дьиэни дьэндэтэн үлэҕэ киллэрдэ.
Аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ олохтоохтор саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин туттулар.
«Манна эбии доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрэ кэлэн үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар усулуобуйа тэрийэн сэттэ кыбартыыраны анаатыбыт. Күндү биир дойдулаахтарбын, саҥа дьиэ олохтоохторун итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, алаһа дьиэҕит сылаас буоллун, дьолу эрэ аҕаллын!», — диэн эттэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: